Перевод с якутского
абырах
аат тыл
Нууччалыы ремонт, починка
English repair
1 аат тыл #
Туох эмэ алдьаммытын (көтүллүбүтүн, хайдыбытын, тостубутун, сиҥнибитин эҥин) чөлүгэр түһэрии, өрөмүөннээһин; оҥорон туһаҕа таһаарыы
Нууччалыы Ремонт, починка
Быйыл эн [оһох] да абыраххыттан ордубат дьон буоллубут. Амма Аччыгыйа Саатар күрүө эҥин абыраҕар сылдьыаҥ этэ. А. Федоров Сарсыныгар ийэтэ кичэллээхтик абырахтаабыт ырбаахытын, илбирийбитэ эмиэ абырах күүһүнэн эрэ тулуһа сылдьар ыстаанын кэппитэ Уустаах Избеков
2 аат тыл #
Туох эмэ алдьаммытын сабар, самыыр самалык, киллэһик
Нууччалыы Заплата, заплатка
Хотун икки сиринэн сибиниэс абырахтаах, лааҕа бараммыт тимир тэриэлкэни биэрдэ.
Суорун ОмоллоонБачыыҥката буоллаҕына эргэрэн, олус өр кэтиллэн, төбөтө салтайан уонна хас эмэ абырах, киллэһик оҥоһуллан, ханнык да холуоһаҕа - саҥаҕа да, эргэҕэ да наадыйбат таҥас буолбут этэ. Н. Заболоцкай Үрдүк күүлэлээх ампаар айаҕар ситэ түспэтэх кур түүтэ онон-манан сыһыартаабыт абырах курдук күкээрийэн көстүбүт хара ыт түүрүллэн сытар А. Федоров
3 этии #
Нууччалыы Доза вина для похмелья
Төбө (бас) абыраҕа кэпс. - арыгыга баттаппыт киһи "эмтэнээри" иһэр арыгыта Бары кыһалҕаттан быыһаабыт доҕоругар Кэйэр Ыстапааҥҥа "төбө абыраҕа" диэн ааттаан бүтүн иһити туруорбута. Н. Босиков Ээ, төбө абыраҕа барахсан ханна тиэрпэтэҕэ, тугу оҥорботоҕо баарай. И. Егоров Бары мустан аһаатылар. Бас абыраҕа ааттааннар, Бар дуома арыгылаатылар. П. Ершов (тылб.)