ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

самалык

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы заплата, закрывающая дыру, отверстие в чём-л.; заплата, нашивка, накладка

English patch

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Туох эмэ алдьаммытын, хайаҕаһын самааһына, абыраҕа эбэтэр үрдүнэн хос тигиитэ, хос тутуута

Нууччалыы Заплата, закрывающая дыру, отверстие в чём-л.; заплата, нашивка, накладка

  • Ыстаан самалыга. Дьиэ эркинин саҥа самалыга. Хотуур тууратын самалыга. Сон сиэхтэрин тоҕонохторугар самалык олордуталаабыттар.
  • [Ширяев] бэл илии хотуурун тууратын үрдүнэн самалык тардыы тимирэ суох от оҕустарбат буолара.
    ЕХД КТ

2 аат тыл #

Туохха эмэ эбии, эбиилик

Нууччалыы То, что служит к чему-л. добавкой, дополнением; дополнение, придаток

  • Кылаассабай охсуһуу тыҥаабыт кэмигэр Саха сирин ураты көстүүтэ - аҕа уустаһыы эбии самалык буолбутун суруйааччы кыраҕытык ойуулуур. "Кыым". Гражданскай сэрии тугунан түмүктэммитэ, хайдах бүппүтэ поэма ["Ойуун түүлэ"] самалыгар көстүбэт.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • "Урааҥхай" диэн тыл саха аатыгар самалык буолар
    ЧМА ЭТНББ
  • Бастаан балыыһаларын биир уһугар балтыһахтыы самалык тутууну ыытар буолтара. "Кыым". Үүккэ да, эккэ да идэтийэр биригээдэлэргэ барыларыгар производство самалык салаатын быһыытынан сылгыны биэриэххэ сөп
    АГГ СТК

3 даҕааһын #

суолт. Туохха эмэ эбии эбэтэр хос оҥоһуу буолар

Нууччалыы Являющийся добавлением, придатком или пристройкой к чему-л.; придаточный

4 этии #

Самалык сэбирдэх - хос сэбирдэх диэн курдук. Арыт сэбирдэх тууратын төрдүнэн самалык сэбирдэхтэр үүнэллэр. КВА Б. Ср. др. -тюрк. йамаҕ ‘заплата’, йамаҕлыҕ ‘заплатанный’, тат. ямаулык ‘материал годный на заплату; заплата’

«С» буукуба