Перевод с якутского
аргыс
аат тыл
Нууччалыы спутник, попутчик
English fellow traveller, companion
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Айаҥҥа, суолга бииргэ айаннаһар киһи
Нууччалыы Спутник, попутчик
Айан аргыһы таптыыр (өс хоһ.). Ол кэннэ бүгүн кини аара дэриэбинэттэн холбоһон кэлбит аргыһын диэки көрүтэлээн кэбистэ. Эрилик Эристиин Кыл сэлээппэлээх аҕамсыйа барбыт киһи аргыһын сирэйин-хараҕын көрбөхтөөтө. Л. Попов Сүөдэр Сүөдэрэбис хараҕын аһан аргыстарын көрүтэлээтэ П. Аввакумов
2 аат тыл #
Планетаны тула эргийэ сылдьар халлаан эттигэ
Нууччалыы Небесное тело, вращающееся вокруг планеты
Марс планета аргыстара - Фобос уонна Деймос. Юпитер планетаны аргыстар тулалыыллар, оннооҕор Күн эмиэ харалардаах эбит АЕБ ОҮИ
3 аат тыл #
Аракыата көмөтүнэн куосумас куйаарыгар орбитаҕа таһаарыллар космическай аппар аат
Нууччалыы Космический аппарат, с помощью ракетных устройств запускаемый на орбиту в космическое пространство
Аргыска олордуллубут аппаратура сөптөөхтүк үлэлиир. “Кыым”. Сир ийэни эргийэ көтөр Сындыыс аргыс айылынна, Аны суох буолла дьону тутар Халлаан киэҥэ, далай анна И. Эртюков
4 аат тыл #
Тугу эмэни кытта бииргэ сылдьааччы, бииргэ көстөн кэлээччи
Нууччалыы То, что сопутствует чему-л., появляется вместе с чем-л
Бу алтан колчедан. Боростуойун көрүмэ - мантыкаҥ кыһыл көмүс аргыһа.
Суорун ОмоллоонСэрии аргыһа - уот кураан олус бииһээтэ. М. Доҕордуурап Сэргэлэр - олох туоһулара, олох аргыстара, олох арыалдьыттара. С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
Тюрк. аргыш
5 этии #
Олох аргыһа - кэргэн киһи Кэргэн диэн - көрсүү дьахтар буолбатах, биһиги олохпут доҕоро уонна аргыһа буолар. ЭБЭДьА. Эдэр сааспыт ити уоттаах сылларыгар аны олохторбут аргыстара көстөннөр күннэри-түүннэри "муҥнаабыттара". ВВ ТТ
Нууччалыы Спутник жизни
6 этии #
Нууччалыы Небесное тело, вращающееся вокруг Земли
Сир аргыһа - сири тула эргийэ сылдьар халлаан эттигэ Ый - сир аргыһа. Судаарыстыба, элбэх үптээх буоллаҕына, аракыаталары оҥорор. Сир аргыстарын халлааҥҥа таһаарар. Н. Якутскай Манна баар - сир маҥнайгы аргыһыттан ыла бары сэбиэскэй космонавтар хаһан уонна хайдах туох көппүттэрэ. С. Федотов