Перевод с якутского
эрэт
аат тыл
Нууччалыы молодой человек, находящийся во цвете лет, сильный, энергичный, добрый молодец
English fellow, good lad
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Сытыы-хотуу, күүстээх-уохтаах, туохтан да иҥнэн-толлон турбат эдэр эр киһи
Нууччалыы Молодой человек, находящийся во цвете лет, сильный, энергичный, добрый молодец
Быыкапка, Хара Уулаахха Балыксыт, түүлээхсит эрэттэр Хайдахтаах да буурҕалаахха Бараллар, кэлэллэр, иҥнибэттэр. Күннүк Уурастыырап Доҕоруҥ туһугар тыыҥҥын да уураргын кэрэйбэт эр-хорсун эрэккин. Эллэй. [Эһэ] кырдьык даҕаны саҕынньахпын устуох эрэт дии санаабыт, кэннинэн тэйбит Далан
2 аат тыл #
элэк. Куһаҕан дьаллыктаах, кэрээнэ, саата суох киһи
Нууччалыы Бесчестный, склонный на любой дурной поступок человек, наглец
Таксыыстар наһаалаан эрэллэр: Наадыйбыт дьоннору кыһайан, Эчэйбэт суобастаах эрэттэр Икки бүк элбэххэ тиэйэллэр. Күннүк Уурастыырап Уолаттар ийэлэрэ эрэйдээх тылын истиэх эрэттэр буолуо дуо, сахсырҕа да саҥатыгар холуйбатахтара, кымаардаан да көрбөтөхтөрө. Далан Элбэҕин сөҕүөҥ сытаататын, Эрэтим өйдүүрэ алыһын Баал Хабырыыс
3 аат тыл #
элэк. Тугу да сатаабат, олоххо үөрүйэҕэ суох эдэр киһи
Нууччалыы Молодой человек, не приспособленный к жизни, ничего не умеющий
Бүгүн оттон уон аҕыстаах эрэттэр Аты сатаан көлүйбэттэр. И. Гоголев Мээнэ мэник муҥнаахтар Бэйэлэрэ бэйэлэриттэн Бэркэ диэн дуоһуйаннар, Бөтөрөҥнүүр эрэттэр. Р. Баҕатаайыскай Орой мэник Мартышка, Осёл, Козёл уонна эһэ Мишка эрэттэр квартеттаары тииспиттэр. И. Крылов (тылб.)
4 аат тыл #
Күүстээх-уохтаах, хорсун сиэмэх көтөр (хол., хотой)
Нууччалыы Сильный, смелый, хищный (о хищных птицах типа орла)
Ханныгын да иһин, аһылыгын эрэйэ суох булунар эрэт буолуо [хотой туһунан] И. Федосеев
5 этии #
Нууччалыы Если вы, лучшие из лучших (сделайте это труднейшее задание)
Этиилэр
Эрэттэр эрэ буолларгыт
дьон бэртэрэ буолларгыт, кыахтаах дьон буолларгыт (маны гыныҥ, оҥоруҥ) Эрэттэр эрэ буолларгыт, ол (маҥнайгы) ат туоһахтатын бастакы ытыыга таптаргыт эрэ биһиги өрөгөйбүт үрдүөҕэ, биһиги соргубут сонуоҕа.
"Чолбон". Ср. ДТС ерэн ʽмуж, мужчина, воинʼ, ерэт ʽмужи, мужчины, воиныʼ