Перевод с якутского
эрэсэрээт
аат тыл
Нууччалыы утверждённое царской администрацией, должностное лицо
1 аат тыл #
Бигэргэммит, дуоһунаска олорбут, дуоһунастаах киһи
Нууччалыы Утверждённое царской администрацией, должностное лицо
Маны туоһулаан, бэчээт ууран, илии баттаатыбыт улахан кинээс Баһылай Уйбаанабыс Мэнчиргээнэп, эрэсэрээт суруксута Таллаайап А. Софронов
2 аат тыл #
Тугу эмэни тус-туспа бөлөхтөргө араарыы, оннук араарыллыбыт бөлөхтөр
Нууччалыы Разделение на группы из общего количества чего-л., разряд
Устаап Сибиир норуоттарын (инородецтары) олохтоохтор, көһө сылдьааччылар, быралгылар (бродячие) диэн үс суол тус-туспа эрэсэрээттэргэ араарбыта ФММ ДьКС
3 аат тыл #
Идэни баһылааһыҥҥа үлэ уустугуруутун кээмэйэ
Нууччалыы Размер, степень усложнения для определённой работы, разряд. 1971 сыллаахха сүүрбэ аҕыс киһи эрэсэрээттэрин үрдэппиттэрэ
Тустаах сыллааҕы үлэ быһаччы көрүҥнэригэр харахтарыыстыка бэриллэр, кинилэр уустуктарын кээмэйэ (эрэсэрээттэрэ) үөрэтиллэн быһаарыллар. ПЭ. Петя икки сыл устата Иван биригээдэтигэр үлэлээбитэ. Болуотунньук төрдүс эрэсэрээтин ылбыта ХС Араас успуорт көрүҥнэригэр маастарга хандьыдаакка дылы бэриллэр көрдөрүү таһыма. Θ Уровень квалификации в спорте, присваемый до кандидата в мастера, разряд. "Дьэ эн хаһыстааххыный?" – диэн утары ыйытта. Баара-суоҕа үһүс эрэсэрээттээҕин истэн баран, күлэ-күлэ күөн көрсөргө сөпсөстө У. Ойуур