ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уол

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы усыхая, уменьшаться в объёме, высыхать, пересыхать, иссякать

English boy, lad

Ис хоһооно · 12
I

1 туохтуур #

Кууран-хатан аччаа, суох буол, симэлий (уу туһунан)

Нууччалыы Усыхая, уменьшаться в объёме, высыхать, пересыхать, иссякать (о водоёме, роднике и т. п.)

  • Бэл өрүс уута уолар (өс хоһ.). Күөллэр кураантан уоланнар, бадарааннара, дьэбэлэрэ тахсаннар, сүөһү уулууругар улахан кутталлаахтара.
    И. Федосеев
  • Уута уолан, быһаҕас түспүт өрүс аллараа харааран сытар.
    Т. Сметанин
  • Үрэх балачча уолбут, саамай ортотугар уу Ньукулаас тобугун эрэ ааһар эбит. “
    ХС

2 туохтуур #

Үүтүҥ тардан ыаппат буол (ыанар сүөһү туһунан); үүтэ суох буол (эмтэрэр ийэ туһунан)

Нууччалыы Переставать давать молоко (о дойном скоте); лишаться молока (о кормящей матери). [Таня] ынахтара сайыҥҥылыы тигинэччи ыаталлар, хата уолуо суохтар

  • Улаханнык долгуйууттан эмиий “уолан хаалла” диир эмиэ туох да олоҕо суох. Дьиэ к. Ньирэй кээспит ынахтар үүттэрэ тардар эбэтэр олох уолаллар
    ПСВ СРЫСБ

3 туохтуур #

Оргуйан, паар буолан көтөн, аччаа (убаҕас туһунан)

Нууччалыы Кипя, испаряться, выкипать (о жидкости). [Маабыра:] Бу аспыт уолан хаалбыт дуу

  • Доҕоор, -- чаанньыктаргын баран кытыы диэки тардыталаа эрэ, бары уолан эрэллэр быһыылаах.
    Э. Соколов
  • Эбиэт буһан баран илдьирийдэ, илдьирийэрин ааһан уолла. “
    ХС

4 туохтуур #

Маһа сыыһа ууруллан, намтаан ис (дьиэ муннугун этэргэ)

Нууччалыы Быть ниже нужного уровня, опускаться из-за неправильной укладки брёвен (об угле рубленых, бревенчатых строений)

  • Муннук “уолар” түбэлтэтигэр муннугу сыыйа “үөннээн” көннөрүллэр. АЭ ӨӨКК. “Уолбут” муннугу аллараа мас арҕаһыттан суоран биэрэн үрдэтэр ньыма эмиэ баар. АЭ
    ӨӨКК

5 туохтуур #

Сүтэн хаал, симэлий, суох буол

Нууччалыы Переставать существовать, пропадать, исчезать, испаряться

  • Киһи чувствота түгэҕэ суох ойбон буолбатах. Харыстаабакка дэлэйдик уҥа-хаҥас ыһан-тоҕон истэххэ уолара дөбөҥ быһыылаах.
    Н. Лугинов
  • Хойутун да уолан бүппэккэ, Кэнэҕэс умуллан сүппэккэ, Эргиллэ турдарбын бу сиргэ!
    Р. Баҕатаайыскай
  • Киһиттэн-сүөһүттэн “чып” кистээн, Киэһэ түүннэри хойутаан, Райком бюрота буолла, Араатар, кэпсэтии аҥаара уолла
    С. Васильев

6 этии #

Нууччалыы Горько, неутешно плакать (букв. у него в глазах иссякли слёзы)

Этиилэр

Оҥойо уол көр оҥой

  • Мин иннибэр -- Көрөр харахтаах көрбөт буола, Тоҥ тоһоҕо үүтүн курдук, оҥойо уолар.
    С. Зверев
  • Уот курааҥҥа -- Арыылаах улуу эбэ, оҥойо уолан, дьэбин дүөрэ от саба үүнэн турбута. ТСА ХДь.

Уолбат ойбон көр ойбон

  • Онтон ыла Чурумчуку Уолбат ойбон уйгуланна, Тохтор хороммот тоттонно, Бастар бараммат баайданна. Эллэй. Уйгу-быйаҥ уолбат ойбонун туһунан остуоруйа уһун үйэлэр усталарыгар олоххо киирбэккэ, бар дьон баҕа санаата эрэ буолан сылдьыбыта.
    М. Доҕордуурап

Уолбат уйгу (уйгу-быйаҥ)

уолбат ойбон диэн курдук (көр ойбон).

  • Үйэлэргэ тахсыбатах Өлгөм үүнүү мөлбөйбүт, Уҥуоргута биллибэт Уолбат уйгу үөскээбит!
    С. Зверев
  • Бастахха бараммат баай, уулаатахха уолбат уйгу-быйаҥ Лоҥкууда буолла.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Улуу ыһыах саҕаланна, Уолбат уйгу тардылынна.
    С. Васильев

Хараҕын уута уолла

уйа-хайа суох ытаата Сор-муҥ көрдүм, ытыырбар хараҕым уута уолла, санааргыырбар өйүм-санаам уоһунна…

  • М. Доҕордуурап

7 этии #

Нууччалыы Щёки стали впалыми, глубоко осели, впали (напр., от плача, истощения). [Охоноон] дьүдьэйбит, омурда ордук уолбут

Этиилэр

Омурда уолла

омурда хапсыйан иһирдьэ киирэн хаалбыт курдук буолла (хол.

  • , дьүдьэйэн)
    Л. Попов
  • Сүрдээх уһун, өссө сүрдээхэй хатыҥыр Дьөгүөр -- саҥата суох, икки омурда уолан сукуйан олордо.
    ХС

Уолан баранар уулаах көр баран I

  • Бу уолан баранар уулаах, Охтон баранар мастаах, Ойон тахсар күннээх Орто бороҥ дойду Дьоллоох туой булгунньаҕын Илин күөнүн үрдүгэр Турдум.
    Саха фольк

Уолан бүтэр уулаах

уолан баранар уулаах диэн курдук (көр баран I).

  • Былыргы дьон “уолан бүтэр уулаах, охтон баранар мастаах” дойдуларыгар кыайан аахпаттарын барытын муҥура суох элбэх дии саныыллара.
    Н. Лугинов

Уолар уулаах

уолан баранар уулаах диэн курдук (көр баран I).

  • Уолар уулаах, Охтор мастаах -- Орто торуой Улуу дойдум Тупсан туналыйда.
    Саха фольк

Хараҕа уолла

хараҕа дириҥээн, иһирдьэ киирэн хаалбыт курдук буолла (хол., ытаан, дьүдьэйэн).

Глаза глубоко осели, впали (напр., от плача, истощения).

  • [Күлүк:] Үөрүөххүн билиминэ, тоҕо ытаан хараҕыҥ уолла?
    А. Софронов
  • [Оҕонньор] сирэйэ барыта мас силиһин курдук бөлтөрүспүт тымырдардаах, хараҕа эмиэ дириҥээбит, уолбут курдук.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Ыалдьыбыт ньирэй аҥаарыйан хаалар, -- хараҕа уолар, салыҥнаах бүрүөлэрэ кубарыйаллар. Ыанньыксыт с.

Хараҕын көмүскэтэ (көмүскэтэ) уолла көр хараҕа уолла

  • Ыарыһах уолан хаалбыт көмүскэтиттэн ып-ыраас уу бычалыйан тахсыбыта.
    Н. Якутскай

Этэ-сиинэ (этэ-хаана) уолла

дэлби дьүдьэйдэ, ырда.

Сильно похудеть, исхудать, высохнуть, иссохнуть.

  • [Өкүүчэ] Эрилхэй хараҕа уунан туолар, Этэ-хаана көстө уолар.
    С. Васильев
  • Эттэрэ-сииннэрэ эрдэлээн уоллаҕа, икки чанчыктара маҥхайдаҕа. М. Попов
II

8 аат тыл #

(э. ахс. уолаттар)

  • Аһаан-сиэн бүтэн, уолаттар туран кылыйсыы, ыстаҥалаһыы тэрийэн оонньоон бардылар.
    Эрилик Эристиин
  • Охсуһуу быыһыгар саха уолаттара оһуохайы ыллыыллар.
    Т. Сметанин
  • Лоокуут этиргэн бэйэлээх, мэлтэгэр сирэйдээх, кэтит сүүстээх, арыы-саһыл хааннаах, кытыгырас уол этэ
    Дьүөгэ Ааныстыырап

9 аат тыл #

Эр киһи оҕо уонна эдэр (кэргэн ылыан иннинээҕи) сааһыгар

Нууччалыы Мальчик, юноша, парень

10 аат тыл #

(тард. сыһыар-лаах тут-лар) Ким эмэ оҕото буолар эр киһи (төрөппүттэригэр сыһыаннаан этэргэ)

Нууччалыы Мужчина, мальчик по отношению к родителям, сын (употр. в притяж. ф.)

  • Бу тойон ойоҕунуун, икки уолунуун, икки кыыһыныын – алтыа эбиттэр.
    Суорун Омоллоон
  • Дьиэлээх дьахтар Вера Михайловна алта ыйдаах уолун утутаары бигии сатыы сылдьара.
    Н. Якутскай
  • Аҕалаах ийэтэ уоллара төлөһүйбүтүн, тупсубутун, модьураабытын көрөн олус үөрдүлэр
    В. Протодьяконов

11 этии #

Нууччалыы Произносится молодым человеком перед принятием опасного решения (букв. где не протухало одно яйцо, где не пропадал один добрый молодец)

Этиилэр

Кулан уолаттар көр кулан I

  • Кулан уолаттар дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстүлэр.

Оһоҕос түгэҕэ (түгэҕинээҕи) оҕо (уол, кыыс) көр оһоҕос

Оһоҕос түгэҕинээҕи уолларын наһаа атаахтахпыттар. Уол оҕо, ат кулун фольк. – кэлбит-барбыт, билбит-көрбүт, сытыы-хотуу эдэр эр киһи, эр киһи үтүөтэ.

Добрый молодец.

  • [Былаас:] Оттон мин уол оҕо, ат кулун буоллаҕым дии, ама, итини билиэм суоҕа дуо.
    А. Софронов
  • Турцияҕа үлэлиир азербайджанец тылбаасчыппыт Остап Бендертэн туох да итэҕэһэ суох уол оҕо, ат кулун эбит. “Кыым”.

Уол оҕо, ат кулун туохха төрүүллэрэй

биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна өлбөтөҕөй (төрөөбөтөҕөй) диэн курдук.

  • Уол оҕо туохха төрүүрэй, ат кулун ханныкка айылларай? Сабачча түбэһэн баран хайдах гыныамый? Ньургун Боотур. [Манчаары:] Көскө да ыыппыттарын иһин, Көмүскэм уутун көрдөрүөм суоҕа. Орто дойдуга Уол оҕо тоҕо төрүүрэй, Аан дойдуга Ат кулун тоҕо үөскүүрэй…
    А. Софронов

Уол оҕо одьунааһа көр одьунаас

Уол оҕо одьунааһа, саха киһи бастыҥын холобурдаах киһи буолла. Ньургун Боотур. [Сэргэй:] Дьэ ити бастакы сиэни, уол оҕо одьунааһын, биһиги манна хайа сатанарынан малааһыннаан көрдөхпүтүнэ хайдаҕый? П. Аввакумов. Уол оҕо тойуга, кыыс оҕо ырыата буолбут – эдэр ыччат ортотугар сураҕырбыт, аатырбыт.

Ставший прославленным, знаменитым среди молодёжи, на устах у молодого поколения (букв.

  • стать предметом воспевания парней, славословия девушек).

Уол оҕо үс (аҕыс) кырыылааҕа

уол оҕо үс күлүктээҕэ диэн курдук (көр күлүктээх).

  • Уол оҕо үс кырыылааҕа буолан, бу ат сүүрүк дьоҕурун аан маҥнай арыйбыта.
    И. Федосеев
  • Дьэргэ уол оҕо аҕыс кырыылааҕа, бэйэтэ да аата этэрин курдук сүүтүк үөһэ сэттэтэ эргийбит.
    Д. Васильева
Өссө холобурдар (1)
  • “Гоша диэн уол оҕо үс кырыылааҕа, хата, Ленинградка тиийэн чэй өрөн олороро буолуо”, – дэстилэр.
    ИИФ УС

Уол оҕо үс күлүктээҕэ көр күлүктээх

  • Орто уол кус быһый, ат бөҕө, уол оҕо үс күлүктээҕэ, киһи бөҕө бэрийэр бэрдэ буолан тахсыбыт. Саха ост. II.

Уол саас

эр киһи оҕо сааһа.

Детство, юность мужчины.

  • Уол саастан киитэрэй өйгүн эн Байарга туһанар дууһаҕын!
    Р. Баҕатаайыскай
  • [Сүөкүлэ:] Һы, сөбө үһү, уол сааһын эргитэн, аны сиэттиһээри гынна дуу?!
    А. Фёдоров

Уол уһуктааҕа

уол оҕо үс күлүктээҕэ диэн курдук (көр күлүктээх).

  • Оччолорго кыыс кылааннааҕа, Кырасыабай бэрдэ эн этиҥ, Мин да уол уһуктааҕа Буоллаҕым эбээт дэнэрим.
    ХС

Халлаан уола көр халлаан

  • Соҕотох харахтаах Содуомнаах халлаан уолаттарын кытта Дьонноһорго оҥоһуллубут киһибин. Ньургун Боотур.

Ыт уола көр ыт II

  • Дьиккэр, ыт уола, киэр буол!

12 этии #

Нууччалыы Чудовище Нижнего мира – персонаж мужского пола в героическом эпосе олонхо

Этиилэр

Абааһы уола

Аллараа дойдуга олохтоох сидьиҥ дьүһүннээх олоҥхо, остуоруйа дьоруойа Абааһы уола уҥуоргу Очуос таас хайалар төбөлөрө Булгурута ыстанан түһүөҕэр Диэри үөһүн тартаран күллэ.

  • Ньургун Боотур. Саарын Баай абааһы уолугар Баар-суох кыыһын ойох биэрэр Үс сыл үлэҕэ бүгүн туолар. Дьуон Дьаҥылы.

Оһол уола көр оһол

  • Оһол Уолун доҕордонуллууһу, Төрүөт Уолун дьүөрэлэнииһи, Илбис Кыыһын эҥээрдэниллииһи!
    С. Зверев

Сүтүөр уол көр сүтүөр

  • субан туруйа курдук уолаттар көр туруйа. Онуоха тоҕус субан туруйа курдук уолаттар -- олбох ууран биэрдилэр. Ньургун Боотур.

Уол оҕо көр оҕо

  • Уол оҕо бар дьонун иннигэр суон дурда, халыҥ хахха буолар дьылҕалаах.
    Н. Якутскай

Уол кылын

эр киһи кэргэнин убайа уонна быраата.

  • СНЕ ӨОДь.

Уол оҕолуу

уол курдук (хол., кыыһы таҥыннар).

Подобно мальчику, по-мальчишечьи (напр., одевать девочку).

  • Эһэтэ Болугур сиэнин уол оҕолуу, эр киһилии булка үөрэппитэ.
    Н. Якутскай
  • Баһыккалаах Ньургуһуну улаатыар диэри уол оҕолуу таҥыннарбыттара. Дьүөгэ Ааныстыырап.

Уолунан кырый

кэргэн ылбакка, ыал буолбакка соҕотох хаал, сырыт.

соотв. оставаться, жить бобылём.

  • “Дьиэҕэ-уокка кыһаммат, Тэйдэ, тимиргэ хатта, Уолунан кырдьан эрэр”, – диэн, Ийэҥ, аҕаҥ барахсаттар Олус хомнуур сэмэлэрин Оҕо сылдьан истэрим.
    М. Тимофеев
  • Ичээн киһини эбэтэр уолунан, кыыһынан кырдьан өлбүт дьону көмөн баран, көмүллүбүт иинин үрдүгэр хатыҥ маһынан кириэс оҥорон саайаллар. Багдарыын Сүлбэ. Шиншин диэн сааһыгар кэргэннэммэккэ уолунан кырдьан эрэр киһи этэ. Л. Толстой (тылб.)

«У» буукуба