Перевод с якутского
одьунаас
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы лучший из людей, отборный
1 аат тыл #
Чулуу, талба киһи
Нууччалыы Лучший из людей, отборный (человек)
Мин баарбын - одьунаас Одун биистэн оҥоһуллубут Дьылҕа тойонтон төрүттэммит. Ньургун Боотур. Сир, буор сиҥнэстиэх Ситэ аххан силгэлээх Одьунаас бэрдэ.
П. ОйуунускайОбот-соллоҥ улуустарын Оройунан көрбүт одьунаастара Орто туруу дьаҕыл дойдуга Таҥнары быгыалыы тураллар эбит П. Ядрихинскай Хоһуун-хоодуот киһи бэрдэ. Θ Смельчак, храбрец, удалец. Ити оройдорунан тыынар одьунаастар курдук мин даҕаны уол оҕо аатыран сылдьыбытым. Софр. Данилов. Уол оҕо одьунаастара сүүрэн-көтөн хоролдьуһан, этэн-тыынан дьэргэлдьиһэн аҕай эрэллэр. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Дьэ, үтүө киһи эбит, эмиэ булчут одьунааһа буоллаҕа М. Чооруоһап
2 даҕааһын #
суолт. Атыттартан ордук улахан, бөдөҥ (хол., булду этэргэ)
Нууччалыы Крупнее, массивнее остальных (напр., о добыче)
Онтуката киниэнэ кунньалгы чулуута, орулуос одьунааһа, көҕөн үтүөтэ буолааччы Күннүк Уурастыырап
3 этии #
Нууччалыы соотв. молодец, как (соболь) одинец
Уол оҕо одьунааһа - бэйэтин саастыылаахтарын лаппа баһыйар (бары өттүнэн барытынан) Мин түһүүр түүлбэр Уол оҕо одьунааһа буолабын. С. Данилов Симиллэн түһэҥҥин, күүһүҥ-уоҕуҥ үгэнигэр сылдьар уол оҕо одьунааһа курдуккун дии, оҕонньор. У. Нуолур Сахалар "кэрэ" диэн өйдөбүлү киһиэхэ сыһыардахтарына "киһи кэрэмэһэ", "киһи гиэнэ киргиллээҕэ", "уол оҕо одьунааһа" дииллэр. Б. Павлов
Өссө холобурдар (1)
Русск. одинец