Перевод с якутского
ардай
аат тыл
Нууччалыы незаполненная, открытая часть чего-л
1 аат тыл #
Туох эмэ быыһа, арыта
Нууччалыы Незаполненная, открытая часть чего-л
Килиэккэлэр ардайдарынан ньирэйдэр ыйытардыы чоҕул-игил көрөллөр уонна кэбинэн энньэрэҥнэһэллэр. А. Федоров Түүн түспүт хаһыҥ, мас тротуар ардайдарыгар ирбэккэ, кырыара кылбачыйан сытара В. Гаврильева Ситэ охсуллубакка, хорутуллубакка хаалбыт сир. Θ До конца не скошенное или не вспаханное место. Сатаатар, от күрүөтэ тутуҥ, эбэтэр тыраахтар ардайын охсуҥ. ХС
Өссө холобурдар (1)
Биир, былырыыҥҥы ардай быһыылаах, үрдүк соҕус сир кэлбитигэр, суха дириҥник ылла
Суорун Омоллоон
2 аат тыл #
Аппа, хапчаан
Нууччалыы Овраг, ущелье
Ол кэннитэн убаҕас мастаах тыа ардайыттан улахан бэриэтчит табаны мииммит киһи тахсан кэллэ. ДСН Т
3 этии #
Нууччалыы Острые клыки хищного зверя
Ардай аһыы - сиэмэх, адьырҕа кыыл сытыы тииһэ Алаа Моҕус хамсаабат буолбут. [Бөрө] дьэ иҥиир тараһатын ардай аһыытынан тоҕо тардан кээһэр. Саха фольк Күтүр улахан күөрт бөрө, чохчойо түһээт, төбөтүн үөһэ ньолотон, ардай аһыытын ырдьатан улуйда. В. Протодьяконов Сомуоһуна аҥаар муннугар от өрөһөлөнө сытарыттан, ардай аһыыларын ардьаппытынан, эһэ тахсан кэлбит. И. Бочкарев
Өссө холобурдар (4)
Ардай аһыылаахтар (анаҕастаахтар) - сиэмэх, адьырҕа кыыллар. Θ Хищные звери. Маннык хараҥаҕа ардай аһыылаахтар, дэгиэ тыҥырахтаахтар кэлэр-барар тиҥсирийэр кэмнэрэ. Н. Якутскай Ардай аһыылаахтар, бадаҕа, Ас тахсыаҕын таайдахтара. С. Данилов Дьэ ити кэмҥэ [тымныы, аас-туор күннэргэ] ардай анаҕастаахтар үөр табаны булбуттара. Р. Кулаковскай Со. др. -тюрк. ара ‘межа’