Перевод с якутского
байар
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы стремление к богатству, обогащение
1 аат тыл #
суолт. Баайга дьулуһуу, байыы
Нууччалыы Стремление к богатству, обогащение
Байар үлүскэнэ киһи сигилитин алдьатар даҕаны адьынат эбит. Софр. Данилов. Киһи киһини атаҕастыыр даҕаны! Байар имэҥэр кэрээн сүтэр. М. Доҕордуурап [Боккуо:] Байар эккирэтиитигэр амтаннааҕы аһаабаппыт, санныбытыгар бүтүн таҥаһы таҥныбаппыт А. Софронов
2 даҕааһын #
суолт. Үптэнэр-астанар, баайданар
Нууччалыы Богатеющий, умеющий добывать богатство
Байар киһи түүн сүгүн утуйбат (өс хоһ.). Эн аҕаҥ байар мөккүөргэ ылларбыт киһи. Байар иһин баһын да быстарыа этэ. М. Доҕордуурап Баардаах байар дьыла кэллэ, Үптээх үөрэр үрдүк дьыла үтүрүйдэ, Харчылаах хаҥыыр дьыла кэллэ Саха фольк