Перевод с якутского
байым
даҕааһын
Нууччалыы обильный, богатый чем-л
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
даҕ
Сайынын аатырар балыктаах Хоохучча диэн кумахха байым балыгы баһар биригээдэ үлэлиир. А. Сыромятникова Кулуһуннаах алаас иһэ им-дьим. Байым сибэккилээх дьэрэкээн ньуура сымнаҕастык, элэккэйдик мичээрдиир. Л. Попов Айанньыт барыта байым үптээх буолбатаҕа чахчы. Н. Абыйчанин
Өссө холобурдар (2)
Остуол араас байым астаах: сибиинньэ, ынах этэ, кэтилиэт, кээчэрэ. Р. Баҕатаайыскай Тэҥн. байдам; балым
2 даҕааһын #
Дэлэй, дэлэгэй, өлгөм
Нууччалыы Обильный, богатый чем-л., щедрый
3 даҕааһын #
поэт. Үтүө туруктаах, дьоллоох
Нууччалыы Благополучный, счастливый. [Сахам сирэ] Уолум туһугар, Уолум байым дьылҕатыгар Аламай маҥан күннээх алгыскын анаа, Арылы сырдыккынан таһымнаа!
Дьолбут сордуун тустар, Дьоһун соргу тупсар, Баттал баһа быстар, Байым саргы сыстар, Өркөн долгун түстэ, Өлгөм баала сүүрдэ Күннүк Уурастыырап
4 этии #
Байым туттуу фольк. - өлгөм, дэлэгэй (халбаҥнаабат эпитет суолт.) Күн манаарын күндээрпит, Байым туттуу, Барҕа-Кэскил Баача Баатырга Махталыҥ ханнаный, Маҕай аллаах?! С. Зверев
Нууччалыы Обильный, щедрый (в значении постоянного эпитета)