ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

балкый

туохтуур

Нууччалыы биться о берег

1 туохтуур #

Күүскэ долгуннуран биэрэги таһый (хол., өрүс долгуна)

Нууччалыы Биться о берег (о волне)

  • Өрүс уута дьалкыйан, кытыл буорун суурайыахтаах, долгун балкыйан, кумаҕы таһыйыахтаах.
    П. Ойуунускай
  • Байҕал уута баарыстанан, Балкыйан, баалланан тахсан... Эрчимэн. Балкыйар, дьалкыйар бааллааҕын иһин дуу Балкыырдаах Балтика диэбиттэр
    И. Эртюков

2 туохтуур #

сөбүлээб. Солуута суоҕу элбэхтик саҥар, тылга тиис

Нууччалыы Болтать вздор, глупости

  • Итирик киһи айдаарарын, мээнэ балкыйарын истиэхпин абааһы көрөн тахсан, барбытым.
    Н. Якутскай
  • [Аллаах Алааппыйа:] Бэйи, тугу-тугу балкыйаҕын? Мин эйигин сатаан өйдөөбөтүм, тугу этээри гынаҕын?
    Н. Неустроев
  • Тугу балкыйаҕын, хара лахсыыр.
    М. Шолохов
Өссө холобурдар (1)
  • (тылб.)

«Б» буукуба