ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баһылаа

туохтуур

Нууччалыы направлять, руководить кем-л

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Кими, тугу эмэ салай, дьаһай

Нууччалыы Направлять, руководить кем-л

  • Семен Илларионов улуус баһылыга буолбута. Нэһилиэктэри эмиэ кини бэйэтин ханыылара баһылыыллара.
    М. Доҕордуурап
  • Бу дьон улууска өрөбөлүүссүйэ хамсааһынын баһылаан ыытар соругу бэйэлэригэр ылыммакка олорон хаалбыттара.
    Эрилик Эристиин
  • Сопхуоһу дириэктэр баһылыыр, кини үрдүкү уорганынан ананар уонна босхолонор
    ЭБТ

2 туохтуур #

Тугу эмэ бас бил, хаһаайын буол

Нууччалыы Владеть чем-л, быть хозяином чего-л., Бессарабия олохтоохторо, румыннар күүстэринэн баһылыахтарыттан ыла, олус да дьадаҥытык, хараҥатык олороллоро

  • Байбал кинээс баһылаабыт “Баҕарах төрдө” алааһын Ыкынаан оҕонньорго биэрэргэ Ытыс тыаһа ньиргийдэ
    С. Васильев

3 туохтуур #

Тугу эмэ сатаа, үөрэтэн бил, сатаан туттар буол

Нууччалыы Научиться делать что-л., овладевать, пользоваться чем-л

  • Норуот кэрэ тылын баһылаабакка эрэ поэт буолуохха сатаммат. Софр. Данилов. Дириэктэрдээх завуч утуу-субуу бэрт өр араатардаатылар. Иккиэн даҕаны тыл этиини бэркэ баһылаабыт дьон.
    Н. Лугинов
  • [Монголияҕа] бэҕэһээҥҥи көс олохтоох сүөһү иитээччилэр аныгы массыынанан үлэлээһини баһылаан барбыттар
    И. Федосеев

4 туохтуур #

Атыттардааҕар ордук киэҥник туттулун, ордук суолталан

Нууччалыы Иметь ведущее положение, превзойти, превосходить в чем-л. других

  • Лирика улам күүһүрэн, билигин баһылыыр жанр быһыытынан сайдан кэллэ диэххэ сөп. Эрчимэн. Үөрэтии күн бүгүнүгэр диэри баһылаан турар эргэ систиэмэтэ -- уларыйбата диэххэ сөп
    Н. Лугинов

5 туохтуур #

Тугу эмэ туһаҕа таһаар

Нууччалыы Осваивать что-л

  • Киһи космос куйаарын баһылыыр сырдык үйэтэ арылынна
    А. Бэрияк

«Б» буукуба