Перевод с якутского
бириэмэ
аат тыл
Нууччалыы продолжительность, длительность чего-л., измеряемая часами, днями, годами и так далее; время
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Туох эмэ төһө уһуннук, төһө кэм устата (хол., чааһынан, күнүнэн, сылынан) буолара
Нууччалыы Продолжительность, длительность чего-л., измеряемая часами, днями, годами и так далее; время
Мааны ыал кыыһын ыларга элбэх бириэмэ барыаҕа, сир түҥэтигэ ону көһүтүө суоҕа.
П. Ойуунускай“Бачча көрсүбүт дьон, миэхэ тиийэн, чэйдии таарыйа, сатаатар кылгас бириэмэни кэпсэтиигэ чаастаннахпыт дии,” - диэн Абдуркулла булан тыыра-хайа эттэ. Эрилик Эристиин [Чаһытын көрөр:] бириэмэ да бараахтаабыт... Биһиги, бука, манна иккистээн кыайан кэлбэппит буолуо.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Дьиҥнээх учуонайдарга бириэмэлэрэ мүнүүтэнэн ааҕылларын сөҕө саныы-саныы, Арбатскай көрүдүөргэ тахсан хаамыталыырыгар тиийбитэ В. Яковлев
2 аат тыл #
Биллэр, тустаах эбэтэр анаммыт кэмҥэ туох эрэ буолара
Нууччалыы Определенный момент, в который происходит действие
Эбиэт бириэмэтэ. Муннььах бириэмэтин анааҥ. Бырааһынньык бириэмэтигэр кинилэр манна киирэр бырааптара суох. Амма Аччыгыйа Мин ити бириэмэҕэ уон саастаах этим. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (2)
Ити бириэмэҕэ күөрэгэй утуйа сытар этэ. Т. Сметанин Тэҥн. кэм
3 аат тыл #
Табыгастаах, тоҕоостоох түгэн
Нууччалыы Подходящий момент, благоприятная пора
Ол паастарын ыйга биирдэ көрөллөр, кыһыҥҥы хараҥа ыйдарга ыйдаҥа буолуута, тыала суох бириэмэҕэ түбэстэхтэринэ. А. Софронов Эн миигин баалаама, табаарыс Арбатскай! Бириэмэбитин табан аттарбакка, эйигин приемнаабакка хааллым В. Яковлев
4 аат тыл #
Иллэҥ кэм, сүрүн үлэ быыһыгар дьарыгырар, сынньанар кэм
Нууччалыы Время досуга, которое можно уделить отдыху или какому-л. другому занятию
Бириэмэм олох тиийбэт. Уруу - киэһэ сэттэ чааска. Онон бириэмэ баар соҕус. Күннүк Уурастыырап Ити курдук уһуннук сынньана олорор түгэн, бириэмэ суох. ХС
Өссө холобурдар (1)
Үп-ас, бириэмэ, сороҕор эргиир да оҥорор киһи көстүмүнэ, аҕам уҥуоҕа эргитиллэ илигэ Далан
5 аат тыл #
филос. Материя дьиҥ баар формата: көстүүлэр төһө өр буолаллара, буолар бэрээдэктэрэ
Нууччалыы Одна из форм (наряду с пространством) существования бесконечно развивающейся материи - последовательная смена ее явлений и состояний
Саҥа дьыл биэчэригэр Валерий Иванович сүргэтэ көтөҕүллүбүтүн көрөн, Үүйэ эмиэ үөрбүтэ-көппүтэ. Киһи сүрэҕин бааһын бириэмэ эрэ оһорор диэн ханна эрэ аахпытын өйдөөн аһарбыта. Л. Попов - Умнан кэбистим. Сороҕор, Гоша, эйигиттэн мин убай курдук сананабын. -Дуоһунаһыҥ үрдээн, бириэмэ уонна пространство өйдөбүлэ кэһилиннэҕэ.
Н. ЛугиновКырдьык, аан дойдуну саҥардан тутар соруктаммыт түөрүйэлэр, кэнсиэпсийэлэр, бүтүн философскай систиэмэлэр, бириэмэ эриирин тулуйбакка, сүтэн-симэлийэн хаалбыт холобурдарын история билэр. Л. Брежнев (тылб.)
6 аат тыл #
Сөптөөх, табыгастаах кэмигэр, тоҕооһугар (сыһ. түһүк тард. ф-гар тут-лар)
Нууччалыы Своевременно, в свое время
Ити кэнниттэн исполком бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Тарас Тарасович Давыдов милииссийэ силиэдэбэтэлэ Сергеева сыыһа дьайыытын, сокуону токурутуутун туһунан бириэмэтигэр өйдөтө, сүбэлии сатаабыппыт диэн ньалҕаарыччы соҕус эппит. М. Попов Кырдьыга даҕаны, сыныйан билсиһэн истэх аайы бу боппуруос дириҥ силистээҕэ, бэйэтэ туспа ураты бэлиэлэрдээҕэ, бириэмэтигэр бары дьарыктартан чорбойо сылдьыбыта харахха бараҕыллар. “ ХС