Перевод с якутского
боҕус
туохтуур
Нууччалыы препятствовать передвижению, протеканию чего-л.; останавливать
1 туохтуур #
Тугу эмэ тугунан эмэ хамсаабат, барбат гын, тохтот
Нууччалыы Препятствовать передвижению, протеканию чего-л.; останавливать
Тымырын бохсон хаанын тохтот. Ыл, ити ат атаҕын көнтөһүнэн бохсон кэбис. ПЭК СЯЯ. Модун тымныы бохсон, Боростуой дьон бука-бары Бокуйан сыталлар. А. Софронов Хаһыҥ хаарыйбат күөх сибэккини, Муус бохсубат устар уулары С. Данилов
2 туохтуур #
Кимиэхэ, туохха эмэ тугу эмэ гынар кыаҕы биэримэ
Нууччалыы Не давать возможности кому-чему-л. делать что-л
Үчүгэй киһини ыарыы булан эрдэ кырытыннарарыттан, үлэтин хамнаһын эрдэ бохсоруттан ордук хомолтолоох туох баар үһү. Г. Нынныров Суппуун таҥас хаамарга киһи илиитин-атаҕын бохсубатынан олус табыгастаах. Я. Семенов Тэҥн. боп
3 #
боҕуй диэнтэн холб. туһ. Иннилэригэр кэлэн тобуктаан боҕуһаллар. Олохтон таһырахтар, иэрэҥнэр боҕуһаллар. Л. Габышев