ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

моһуоктаа

туохтуур

Нууччалыы мешать, препятствовать кому-чему-л., создавать проблемы

1 туохтуур #

Мэһэй буол, харгыстаа, эрэйдээ, туох эмэ буолуохтааҕын атахтаа

Нууччалыы Мешать, препятствовать кому-чему-л., создавать проблемы

  • Ыкса күһүн хаар түһүөн эрэ иннинэ кинини куруутун атаҕастыыр, туутун уоран көрөн моһуоктуур аарыма кыыла куула хотоолго арҕах хастыбытын Бакамда -- бэлиэтии көрөн кэбиспитэ.
    Далан
  • Бибилэтиэкэҕэ маҕаһыыннааҕар ордук уочарат. Миэстэ тиийбэккэ моһуоктаата.
    Н. Лугинов
  • Хайытар эрбии аанньа үлэлээбэккэ, биһигини улаханнык моһуоктаан эрэр
    С. Никифоров

2 туохтуур #

Кими эмэ хаадьылаа, дьээбэлээ

Нууччалыы Дразнить, подразнивать кого-л. [Мичээр] оҕолору харбыырга үөрэппитэ буола сылдьан, хайаан да хаадьылаабыта, моһуоктаабыта эрэ баар буолааччы

  • [Аркадий] Татыйаас бэйэтинэн Миитээскэ кэлбитин ордугургуу -- санаан, кинилэри тугунан эмэ хаадьылыан, моһуоктуон баҕарда
    В. Протодьяконов

«М» буукуба