Перевод с якутского
буом
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы препятствие
English obstacle, hindrance
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
1 аат
Айан суолугар кэтэһэ барбыт бандьыыт саллааттара үрэх сир буомугар тары сиэбит ыттыы титирэһэ олорбуттар Амма Аччыгыйа Үрэх көҥүстээх өттүлэригэр сөптөөх буом сирдэри булаттаан, кыракый быстах быһыттары оҥортоон, аһартыахха наада. В. Яковлев Үллүк мууһун Өрө сүүрэн тураары Өрүс үс төгүл өҕүрүйдэ, Буом мууһун Булгу тэбэн бараары Бур-бур тыынна. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Туустаах үрдэ буом аартык Тумулугар бандьыыттар: “Ким да буоллун тутуҥ!” - диэн Киксэн, саһан сыппыттар И. Петров
2 аат тыл #
Үрэх, өрүс биэрэктэрэ улаханнык кыарыыр, хапчааннанар сирэ, эрэйинэн ааһыллар хайа хапчаанын ыллыга
Нууччалыы Труднопроходимое ущелье, труднопроходимая тропинка в горном ущелье
3 аат тыл #
Ханнык эмэ хайааһын оҥоһулларын, буоларын бытаардар, тохтотор мэһэй, моһол, харгыс
Нууччалыы Препятствие, преграда, помеха
Ити иһин саха уола иннин диэки эрчимнээхтик барар; буомнары үлтү хаамар. Т. Сметанин Дорҕоонноох ырыатынан силлиэрэн, тыраахтар хонууга сир тиэрэр. Эдэр киһи Ыраах кыыһын ахтар. Таптыыр буол да, мэһэй, Буомнар суохтар. С. Тимофеев Киһи буомурбут кэмигэр Киһиргээн киэбирэн күлбүтүҥ Дуораана сүтүөҕүн иннигэр Ол буому эн бэйэҥ көрсүөҕүҥ Айталын
Өссө холобурдар (1)
Буутунан ботуруон, саа сэбэ, Буома суох өйүө... Дьэ, үлүгэр! Тиийдибит аатырар Киэҥ эбэ тэнигир, килэгир күөлүгэр. Кутаа т. Саахымат ойуу Сатала суох тардыллан, Оһуор ойуу Буома суох охсуллан, Уйгу-быйаҥ Олус чиэрэс оргуйда С. Зверев
4 аат тыл #
Ыарыы ордук күүһүрэр, бэргиир кэмэ
Нууччалыы Критический момент, пик (напр., болезни)
Били ааттаах Степановкыт үтүө соҕус. Аны буомуттан ааһан, эрэл улаатта
Н. Лугинов
5 аат тыл #
Туох эрэ буоларын битэ, билгэтэ, бэлиэтэ
Нууччалыы Примета, предзнаменование, предвестие чего-л
Арах-ара-а-ах!.. Кыраҕыйа-чаҕыйыкы-ыа! Тоҕо эрэ куһаҕан буомнарым бобута тутар буоллахтара үһү
Өксөкүлээх Өлөксөй
6 даҕааһын #
Сылдьарга эрэйдээх, мэһэйдэрдээх; кыбычыын
Нууччалыы Трудный, труднопроходимый; тесный, узкий
7 даҕааһын #
Олус элбэх, олус дэлэгэй, муҥура суох, хаарчаҕа суох элбэх (мэлдьэх. этиилэргэ)
Нууччалыы Весьма обильный, бесконечно, неограниченно многочисленный (в отриц. предложениях)
8 этии #
Буом оһоҕос - синньигэс оһоҕос, аһыы оһоҕос П. Ойуунускай. Буом кэм, (дьахтар буом кэмэ, дьахтар буома) - дьахтар төрүүр сааһын ааһар кэмэ. Климактерий, климакс. Буом кэмигэр сылдьар дьахтар. Тюрк. -монг. бом, боом
Нууччалыы Тонкие кишки. [Дьахтар киэлитин иһигэр] Уулаах улдьаа баһын саҕа Уоллаах-кыыс оҕо Куттаах сүрдэрэ Кутуллубут курдук Буом оһоҕоһун төрдүгэр Булдьугуруу тэппитинэн бардылар