ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бурдук

аат тыл

Нууччалыы зерно; урожай

English grain, crop

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Нууччалыы зерно; урожай

English grain, crop

  • бурдук ото
    соломаstraw

2 аат тыл #

Сүһүөхтэрдээх көҥдөй умнастаах, куолаһыгар туораах сиэмэлэрдээх, оҥоһуулаах сиргэ аска анаан ыһыллар үүнээйи култуурата

Нууччалыы Зерно, зерновые злаки

  • Сытыган лаҥхатын өрт уотунан куугуначчы салатан, ыраастаан-чэбдигирдэн баран, үтүө ходуһаны таһаар, бурдугу, оҕуруот аһын үүннэрэн үллүктээ.
    Амма Аччыгыйа
  • Күһүн буолан от-мас хагдарыйан эрэр, оттон холкуос бурдугун үксэ хомулла илик.
    Т. Сметанин
  • Бэс ыйын саҥатыгар үс-түөрт түүн субурутан хаар хаһыҥнар буолуталаатылар, бурдук үлүйдэ, от-мас сиэмэтэ кэҕиннэ, үүнээйи чэмпэрдэ
    У. Нуолур

3 аат тыл #

Бурдук үүнээйи ас буолар өттө - туорааҕа, сиэмэтэ

Нууччалыы Зерно. Сиэҥкэ диэн Доромоон тоҕустаах оҕото, суол аанын диэки туран, кэлиигэ бурдук сынньар. Күндэ. Хачыгыр чабычахтаах бурдугуттан биирдэ балтаччы баһан, онон-манан ойута барбыт тааһын айаҕар кутан биэрдэ. Эрилик Эристиин. Лоҥкууда сиһин солоон аҕыйах сылларынан аҥаардас солооһуннарга эрэ бурдугу ыһар буолуохпут. М. Доҕордуурап

4 аат тыл #

Ас бэлэмнииргэ анаан бурдук туораахтара мэлийиллэн бороһуоктуҥу көрүҥнэммит мээккэтэ

Нууччалыы Мука. Хотонтон Хобороос, Даайыс тахсаллар, таҥастара бурдукка биһиллибит. А. Софронов. - Бу оҕом хантан харчы булан, үрүҥ бурдук атыылаһаҕын? - Тыый, ийээ, оттон дохуоппар кэллэҕэ дии. М. Доҕордуурап. Дьахтар имигэс тарбаҕынан лапса оҥорон бурдукка булкуйар, өрүтэ көтөҕөн таммалатар. Н. Габышев

5 аат тыл #

Бурдук быһыллан түүтэхтэммитэ

Нууччалыы Сжатый хлеб (в снопах). [Дьаакып:] Хобороос, бурдуккун киэҥ сиргэ таһырдьа таһаар

  • Доромоон астыы олорор бурдугун тиэтэйэ-саарайа хомуйан баран, дьиэтин харбаан кэбистэ.
    Күндэ
  • Кыдаманан эһиллэр, Кыстык оппут кээһиллэр, Кыһыл көмүс бурдукпут Кылааттара чуоҕуспут
    А. Абаҕыыныскай

6 аат тыл #

Хатарыллыбыт эт эбэтэр үүнээйи аһылык мээккэтэ

Нууччалыы Мука из сушеных мясных или растительных продуктов. XIX үйэ ортотугар унньуула бурдуга Дьокуускай баһаарыгар атыыланара уонна буута буут сэлиэһинэй бурдук сыаната сыаналааҕа үһү

  • Багдарыын Сүлбэ. Сүөһүгэ анаан үрдүк белоктаах аһылыктар улам элбэхтик оҥоһуллуохтара: балык уонна уҥуохтаах эт бурдуга, аһылык буолар доруоһалар, фосфаттар. ЭБ
    Т. Ср
  • тюрк. бүртүк ‘зерно’

7 этии #

Нууччалыы Мучные изделия

Этиилэр

Бурдук тардар таас көр суоруна

Көтөр буордаах саха балаҕана, Көмүлүөк куйаас сыралҕана, Бурдук тардар таас сыналҕана, Ыһыырынньык Үгээрдээх чаана... Эллэй. Бурдукта тарт - суорунаҕа туорах бурдугу мэлий.

Молотить зерно (на жерновах).

  • [Хобороос:] Даайыс, ынах киириитэ чугаһаата, онуоха диэри бурдукпутун тардыах.
    А. Софронов
  • Мин саах күрдьэбин, торбуйах уулатабын, бурдук тардабын, мас кыстыыбын, кэргэттэр олорор дьиэлэриттэн тахсаммын тойонум аахха үлэлиибин.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (4)
  • Хара өлүөр диэри, кыайбатар даҕаны, бурдук тардар, муус көтөҕөр, от мунньар, бурдук ыһар, бугул угар киһи буолла.
    Суорун Омоллоон
  • Бурдук үлэтэ - бурдугу ыһыы уонна хомуйуу үлэтэ. Работы по посеву и уборке хлебов. [Түмэппий:] Оппут - бурдукпут үлэтэ бүттэҕинэ, сирбит баарданыыта бүттэҕинэ, уопсай хотоммутун тутуохпут баар ээ, доҕоттор.
    Күндэ
  • Бурдук үлэтэ буолла дии. Быйыл бурдук үлэтин күннэригэр өр утуйбаттар. Бурдук хадьымала - быһыллыбыт бурдук сиригэр хаалбыт бурдук отун төрдүгэстэрэ. Жниво, жнивье, стерня. Бурдук хомуура - үүнэн буспут бурдугу сиэрпэнэн, массыынанан, комбайнынан быһыы, быстарыы. Жатва (уборка урожая). Бурдугу ыс - анаан бэлэмнэниллибит сиргэ туорах бурдугу тарҕата ыһан эбэтэр анал массыынанан олорт. Сеять (зерно, хлеб). [Мэхээлэ:] Холобур хайдах бурдугу ыһары, оту оттууру, сүөһүнү иитэри көрдөрбүт киһи, син ону үтүктэн иһиэ этилэр.
    А. Софронов
  • Ким сүөһүнү иитиэй, ким даҕаны бурдугу ыһаат, бааһына диэки күһүҥҥэ диэри эргиллэн көрбөт, от хомууругар барар. ЕПИ ТДь

«Б» буукуба