Перевод с якутского
буркун
аат тыл
Нууччалыы пурга. [Дьыл оҕуһа] Муннун бууһугураттаҕын аайы, Мунан барар буркун турдун; Тыынан кыскырыттаҕын аайы, Тымныы дьыбара тыйыһырдын
1 аат тыл #
Кыһыҥҥы силлиэ, хаардаах, тибиилээх күүстээх тыал
Нууччалыы Пурга. [Дьыл оҕуһа] Муннун бууһугураттаҕын аайы, Мунан барар буркун турдун; Тыынан кыскырыттаҕын аайы, Тымныы дьыбара тыйыһырдын
Тыал, буркун кэлээри гынна быһыылаах, бүгүн атаҕын ыарыыта ордук бэргээтэ, уҥуохтара кыйаллар. В. Иванов [Тыал] айаннаан айгыстан иһэн, бэйэтиттэн бэйэтэ тэбиэһирэн күүһүрэн-уоҕуран, өй-мэйдээх тулуйбат ынырык буркунугар кубулуйар ҮҮА
2 этии #
Нууччалыы Сильнейшая зимняя пурга, когда невозможно ехать и даже выйти из дома
Ала буркун - олус күүстээх кыһыҥҥы буурҕа Сир-халлаан көстүбэт ала буркуна аҕыс хонугу мэлдьи сэллээбэккэ иһиирэ турда. И. Данилов Таһырдьа киһи сирэйин чыпчаххайынан биэртэлиир айылаах ала буркун дьаарбайар. У. Нуолур Халлаан хараҥарар, күн-ый көстүбэт ала буркуна түспүт этэ. “Кыым”. Хара буркун - ала буркун диэн курдук. Айыккабыын! Туох ааттаах хара буркуна түстэ! Тыа баһа иччилээхтик куугунуур. Лиҥкир тииттэр адаархай лабааларыттан хаар таҥнары саккырыыр. С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Хайа уҥуор хапчааҥҥа, Хара буркун будулҕаҥҥа Чоҕул уоттар умайдылар, Чопчу көрөн турдулар. С. Дадаскинов