Перевод с якутского
буруй
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы изменять направление движения, идти в сторону или обратно
English guilt
1 туохтуур #
Баран иһэр хайысхаҕын уларыт, туора эбэтэр төттөрү диэки бар
Нууччалыы Изменять направление движения, идти в сторону или обратно
Сатыылаабыт анды күөл ортотугар буруйан киирдэ. Н. Заболоцкай Ыстапаан аттыгар турар сүүрбэччэлээх уол: - Бар, тоойум, эн уоту көр. Тыал буруйан уот сээкэйи былдьыаҕа, - диэтэ. И. Никифоров [Саалаах дьахтар] Солоҥдону сойуолаан тулуппат, Сонордьут бэрдэ Кырынаас, тииҥ кыайан буруйбат, Кыраҕы, бэргэн К. Туйаарыскай
2 аат тыл #
Сиэр-майгы куолутун, бэрээдэгин кэһии
Нууччалыы Вина, проступок. [Байбал] Ээ, үөрэхтээх оҕолоох оҕонньор оттоммотоҕун мин буруйум буолсу дии
Сыҕаайаптары кытта иирсибит буруйбун ситиспитэ быһыылаах этэ. Амма Аччыгыйа [Петя:] Сэрэтэбин. Аны Маня туһунан куһаҕан тылы тарҕатыаҥ да, миигин кытта кэпсэтиэҥ. Буруй барыта бэйэҕэр. С. Ефремов Киһини итэҕэйэр эмиэ буруй буоллаҕай? Софр. Данилов. Монг. буру
3 этии #
Нууччалыы Считать себя виновным
Буруйга аах (ааҕын) - буруйдаах курдук санаа, санан Эрэ [Ыстапаан] даҕаны бэйэм бас билэрбин кырбыырым боруога суох диэн саныыр буолан, ончу кэмсиммэт, буруйга ааҕыммат этэ. А. Софронов Ойох ылан кэлбиппин Оччо буруйга аахпакка турабын.
П. Ойуунускай[Сэбиэскэй былааска үлэлээбит ыччаттары] сирэйдэригэр саата суох баайдар буруйга ааҕан, сордоон-муҥнаан өлөртөрбүттэрэ. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (17)
Буруйгун билин - бэйэҕин буруйдааҕынан ааҕын. Θ Считать, признать себя виновным. Мин тоҕо эрэ ытыах киһи буруйбун билинэн, сымыһахпын быһа ытырдым. Н. Заболоцкай Ити онустар бэйэлэрэ буруйдарын билинэн, бырастыы гынарга көрдөһөн быыһаатылар. Софр. Данилов. Капитонов, Терентьева ынахтары уларыппытын билэн баран кыһамматаҕар буруйун билиннэ. М. Доҕордуурап Буруйун бырастыы гын - кими эмэ аһынан, киниэхэ сымнаан биэрэн буруйун чэпчэт, буруйтан босхолоо. Θ Простить, помиловать кого-л. [Мэхээс оҕонньор:] Чэ, көмүһүөм, буруйбун бырастыы гын! Көрдөһөбүн тупсуох! Эн бассабыык буолуохтааҕар, туох да буол.
П. ОйуунускайБуруйбун билинэбин, бырастыы гын. Саха фольк Буруйу оҥор - сиэри-майгыны сэмэлэнэр, буруйданар курдук кэс. Θ Совершить поступок нарушающий правила поведения. Сотору Сыллай Лухаҕа Микиитэ улахан буруйу оҥордо. Амма Аччыгыйа Надежда Алексеевна эрин иннигэр улахан буруйу оҥорбут кэриэтэ сананан кэллэ. Софр. Данилов. Кэлиэхсит ханна төрөөбүтүн, туох буруйу оҥорон остуруокка олоро сылдьыбытын манна ким да билбэт этэ. Н. Якутскай Буруйтан (буруйтан-сэмэттэн) куот - сэмэлэнэр, буруйга түбэһэр быһыыны таһааран баран, сымыйалаан, балыйан буруйга сэмэҕэ түбэһимэ. Θ Уйти (ускользнуть) от ответа, порицания, осуждения. “Оноҕочоон Чоохоон, ыалбыт киһи, туох сүбэлээххиний, хайдах гыннахпытына, уолбутун тириэрэбит, буруйтан-сэмэттэн куотабыт” - дэһэллэр.
Суорун Омоллоон- Оттон отой үүммэтэх, Онон кэллим кураанах... Буруйтан куотунар бу курдук санаа булар. П. Дмитриев Буруйга-сэмэҕэ тардылын - оҥорбут буруйуҥ иһин эппиэт сүк, оҥорбут айыы-хара, буруйуҥ иһин суут иннигэр тур. Θ Нести наказание за совершенный проступок; отвечать перед судом. Шаталов устудьуону буруйга тарпакка босхолуургутун модьуйабыт, ол эбэтэр манна илии баттаабыт дьону барытын суукка биэриҥ. П. Филиппов Манна биирдэ эдэр дириэктэр, бурдугу сытытан, буруйга-сэмэҕэ тардыллан баран, атаҕынан куотан турар. С. Никифоров Буруй тутун - буруйдаах курдук санан. Θ Признать себя виновным. Мундербек буоллаҕына, тыын былдьаһыгар, силиэстийэҕэ алҕас эппитин буруй туттан бэркэ сынаҕаласпат, онон тэйиччи соҕус эмиэ олордо. Эрилик Эристиин Ыамай уола Уруккутун буруй туттан, Утарсыаҕын дьулайбыта. Күннүк Уурастыырап Буруйун түһэр - биир киһи буруйун атын киһиэхэ балый, буруйа суох киһини буруйдаа, баайыс, күтүрээ. Θ Соотв. свалить с больной головы на здоровую. Буруйу уолга түһэриэххэ, дьон санаатын охсор гына, Баһылай Киппээнэби эрийиэххэ.
П. ОйуунускайМаачаха ийэтэ дьиэ умайбыт, оҕо куттаммыт буруйун барытын Күөрэгэйгэ түһэрэн: - Икки харахпар көстүмэ, киэр бар! - диэтэ. Т. Сметанин Салайааччылар айаҕалыы сатаан буруйдарын бэйэ бэйэлэригэр түһэрсэ сатаатылар. В. Яковлев Буруй эрэ Моттойоҕо (Ботугуйга, Булуукаҕа) диэбиккэ дылы - атыттар оҥорбуттарын атаҕастаан кимиэхэ эмэ түһэрии туһунан этии. Θ Валить все на одного; сделать кого-л. козлом отпущения (соотв: все шишки летят на Макара). [Дайбыров-Октябринаҕа:] Буруй Моттойоҕо диэбиккэ дылы, барытын миэхэ түһэрээри гынаҕын дуо? М. Попов Көрүҥ эрэ маны! - Буруй барыта Моттойоҕо тиксииһи дии! “ХС”