Перевод с якутского
бутуур
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы нарушение порядка чего-л., путаница, неразбериха
1 аат тыл #
Туох эмэ бэрээдэгэ, сааһа ыһыллыбыта, булкуллубута
Нууччалыы Нарушение порядка чего-л., путаница, неразбериха
Табаар ыскылаакка кэлэн хамыыһыйа көрбүтүн кэннэ маҕаһыыҥҥа барыытыгар сыаналара булкуллуулара эмиэ таһаарыллар эбит. Оннук муокас бутуурдар тустарынан - бэрэссэдээтэл билбэтэҕэ, сэрэйэ да сатаабатаҕа сүрэ бэрт. М. Попов Николай Ивановичка уордьан бэриллибит курдуга да ыларын ылбатаҕа. Тоҕо диэтэххэ, сэрии кэмигэр тиэтэйэн наҕараадалыыр докумуоннары оҥорууга бутуур таһаарыллыбыта. “Кыым”. Оо, Хабырыыс көспүтүн биллэриминэ, бу бутууру таһаардаҕым Н. Габышев
2 аат тыл #
Туох эмэ үчүгэйдик биллибэтэ, чуолкайа суоҕа
Нууччалыы Неясность, туманность чего-л
Саха арпагыраапыйата уопсайынан, ордук киирии тыллары суруйууга, олус бутуурдааҕынан, мөккүөрдээҕинэн аатырар СТЫМ Трофим Ильич кыараҕас кабина салгынын табах буруотунан тунуйуон баҕарбатаҕа, эмиэ бэйэтин курус, бутуур санааларын быатын хабан ылла. Н. Габышев Холхуостарга сир хаһаайыстыбаларыгар бутуур быһыы баара ПАК
3 даҕааһын #
суолт. Үчүгэйдик биллибэт, чуолкайа суох
Нууччалыы Недостаточно известный, нечеткий, запутанный, неупорядоченный