Перевод с якутского
быйаҥ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы обильный травостой на сенокосных угодьях
English abundance
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
От, бурдук өлгөмнүк үүнүүтэ (ол сүөһү иитиитэ дьарыктаах сахаларга баай-дуол төрдө буолара)
Нууччалыы Обильный травостой на сенокосных угодьях (что было основой достатка, богатства якутов-скотоводов)
“Таҥара биэрбитэ таах буорга иҥмэтин! Быйаҥтан баспахтаан хаалыах!” - диир. Эллэй. Тоҕой Сэлэ ходуһата быйыл сайын күөх быйаҥа ордук күөгэйэ үүммүтэ, салгына ордук ырааһырбыкка дылы буолбута. Л. Попов Сир быйаҥын түргэнник хомуйан ыларга механизатордар улахан дьулуурдаахтар. “ Кыым
2 аат тыл #
Баай-дуол, ас-үөл дэлэйэ, өлгөмө; үбүнэн, баайынан-дуолунан толору хааччыллыы
Нууччалыы Изобилие, богатство, достаток
Бу күргүөм үлэ таһаарбыт быйаҥыттан киһи сүрэҕин үөрүүнэн сылытар сылаас-сымнаҕас салгын сайа охсо турарга дылы гынар. Амма Аччыгыйа Кинилэр [сахалар] олохторо сылгы, ынах төрүөҕүттэн, быйаҥыттан тутулуктааҕа. Саха фольк Аҕалаах ийэм уонча сүөһүлэрин быйаҥынан бы -бааччы ыал буолан олорбуттара М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Онтон уоҕа Улам астан, Быйаҥ уулаах Былыттара, Иэтэн-ирэн, Иэнигийэн, Уһун самыыр Олохсуйда Күннүк Уурастыырап
3 аат тыл #
Ардах, самыыр (уйгу-быйаҥ төрдө от үүнүүтэ хааччылларын иһин)
Нууччалыы Сильный теплый дождь (обеспечивает хороший травостой на сенокосных угодьях)
Кутта дии курулас быйаҥмыт - Дьэ күннүө от-бурдук, чэлгийэн! Күннүк Уурастыырап Бүгүҥҥү халлаан, бу бүтэй былыт Быйаҥын биһиэхэ биэрэр И. Чаҕылҕан
4 аат тыл #
Сиртэн хостонор туһалаах баайдар (металлар, таас чох, минераллар эҥин)
Нууччалыы Полезные ископаемые. [Геолог - Киириккэ:] Эйигин өстөөхтөр илиилэриттэн быыһаммыккынан уонна, баҕар, бүтүн Сойууска суолталаах сир быйаҥын булбуккунан эҕэрдэлиибин
[Былыр] Баайга биир кутуу Чэй иһин хамнаска барар Дьадаҥы саха Урал, Баку Быйаҥын билигин баһар. П. Тулааһынап Саха сирин кистэлэҥ быйаҥын киһи-аймах туһатыгар тиэрэ тардыһан биэрэр геолог буоллар төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй?! “ ББ
5 аат тыл #
сэнээн. Аанньа ахтыллыбат, сэнэбилгэ сылдьар киһи оҕото
Нууччалыы Отродье, отпрыск (о ребенке неуважаемого человека)
Эминэ туомуй! Эчикийэ, көрөн-истэн, өргөстөнөн, бу киммит быйаҥа турарый? Болот Боотур Кууһума-а! Чиэһинэй быйаҥы, Үбү да мин үөҕэ барбаппын. Сиилиибин эн курдук быйаҥы! Бар дьонтон мин туораан барбаппын Р. Баҕатаайыскай
6 даҕааһын #
суолт. Олус элбэх баайдаах, аһара дэлэй, өлгөм, илгэлээх
Нууччалыы Изобильный, благодатный, богатый