ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дэлэй

аат тыл, туохтуур, даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы обильный, имеющийся в изобилии; многочисленный, бесчисленный

English abundance

Ис хоһооно · 7
I

1 даҕааһын #

Өлгөм, баай; олус элбэх аата-ахсаана суох

Нууччалыы Обильный, имеющийся в изобилии; многочисленный, бесчисленный

  • Бачча дэлэй ыттаах сиртэн, манна, бэл, ыт харабыл суох.
    Н. Заболоцкай
  • Бу оройуоҥҥа сир анныттан иһэр уу дэлэй саппааһа көстүбүтэ.
    И. Федосеев
  • "Атын холкуостар ходуһалара дэлэй?!" – Илларион ыгылла-ыгылла эттэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
  • [Сааскы Ньукуолунтан Бөтүрүөпкэ диэри] Үрүҥ ас муҥутаан дэлэйэрэ. Ыһыахтар, уруулар үгүстэрэ ити саҕана тэриллэллэрэ. Саамай элбэх астаах-үөллээх ыһыахтары дэлэй ыһыах дииллэрэ
    Кыым
  • Олус хойуу (үүнээйи, баттах туһунан). Θ Густой, не жидкий (о растительности, волосах). Остуолга умса туттан олорор дэлэй кугас куударалаах кыыс кини диэки көрбөккө да эрэ киҥнээх соҕустук эттэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Маҥхайан эрэр дэлэй хара бытыгын, куударалаах хойуу баттаҕын тыал сахсаҥнатар
    ХС

2 даҕааһын #

Кыһалҕата суох, көҥүл (олох)

Нууччалыы Вольготная, безбедная, не знающая нужды (жизнь)

  • Ити быыс кэм этэ: дэлэй олох тыына саҥа биллэн эрэрэ.
    Далан
  • Манна [Тифлис фельдшерскэй оскуолатыгар] дэлэй олох суох эрээри үөрэх туһалааҕын өйдөөбүт төрөппүттэр эрэ уолаттара үөрэнэллэрэ. ОТК. Эмээхситтэр эрэйдээхтэр! Олох уларыйбытын, билиҥҥи дэлэй олоҕу өйдөөбөттөр
    Далан
  • Бачча дэлэйтэн маппакка, барыга бары кыттарга.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)

3 даҕааһын #

Киэҥ-куоҥ, кэтит

Нууччалыы Широкий, просторный

  • Дэлэй соҕус ходуһалаах киһи буолбуккун.
    Амма Аччыгыйа
  • Төрөөбүт Ийэ дойдубут киэҥ дэлэй иэнигэр кимтэн да куттаммакка сылдьар буолуохпут.
    М. Доҕордуурап
  • Киэҥин, дэлэйин, улуутун Бу уулусса аспаал иэнэ
    И. Эртюков
Өссө холобурдар (3)
  • Көҕөннөрдөөх кулуммут Көҥүл дэлэй көччүйдүн.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кини тииҥи, кырынааһы, солоҥдону, саһылы өлгөмнүк бултуура. Мас көтөрө да дэлэй этэ.
    И. Федосеев
  • Чиэстэ охсон, оһох оттон, Нэчимиэн бурдугунан Дэлэй бааччы алаадьылаан Тэһигирэтэн кэбистэ
    Күннүк Уурастыырап

4 даҕааһын #

Киэҥ көҕүстээх, холку, ыгыма суох (киһи)

Нууччалыы Спокойный, уравновешенный

  • Кини ол да иһин ханнык да ыар кэмнэргэ киэҥ дэлэй, ис-иһиттэн холку киһи.
    А. Сыромятникова
  • Мин ити киэҥ-дэлэй көҕүстээх киһини, мэлдьи мичээринэн көрсөр кырдьаҕаһы, биһирии, сөҕө-махтайа олороммун, эмискэ биир дьикти түбэлтэни өйдүү биэрдим.
    Р. Кулаковскай
  • Таас курдук үйэлээх, киэҥ дэлэй дууһалаах, Табыллан, уһуннук сылдьыахпын баҕардым! Доҕордоһуу т

5 аат тыл #

суолт. Үгүс, баһаам

Нууччалыы Множество, обилие

6 сыһыат #

суолт. Баҕа ханарынан, дуоһуйа; толору, дэлэччи

Нууччалыы Вдоволь, в изобилии

II

7 туохтуур #

Элбээ, үксээ

Нууччалыы Множиться, увеличиваться (в количестве)

  • Илиибит эрэ хамсаатар, – Илгэ, быйаҥ дэлэйэр. Дьуон Дьаҥылы. Унаар сайын эргийдэ, Уйгу-быйаҥ дэлэйдэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сир ийэ ньуура сибэккинэн киэргэммит. Көтөр-сүүрэр дэлэйбит
    М. Доҕордуурап

«Д» буукуба