ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

былах

аат тыл

Нууччалыы тальниковые и березовые мелкие ветви

1 аат тыл #

Сүөһү сииригэр анаан быһыллыбыт иирэ талах, хатыҥ намчы лабаата

Нууччалыы Тальниковые и березовые мелкие ветви (заготовленные на корм скоту)

  • Оту булан оттоомуна кыра дьон биир-икки сүөһүлэрин былаҕынан аһата сатыы олорон, сутатан эстэн хаалыылара бэрт маассабай буолбута.
    Эрилик Эристиин
  • Ыксал кэллэҕинэ, быстарыы тирээтэҕинэ, ону (дулҕаны) кыдыйан киллэрэн чаан алгыйдарга буһаран ыскытыахтара, былах быһыахтара.
    Н. Заболоцкай
  • [Оҕолор] Күһүн ичигэс кэмҥэ сопхуостарыгар былах быһан биэртэрэ

2 этии #

Былах сохсо - кылыытын оннугар сайын быһыллан хатарыллыбыт былаҕынан иитиллибит сохсо Бу киэһэ Силтэһиннээххэ улахан үөрүү буолла: аҕалара былах сохсолорун кэрийэн, икки бүтэй бүөрдээх куруҥ куобаҕын аҕалбыта. Күннүк Уурастыырап

Нууччалыы Западня, пасть на зайца, настороженная срезанной летом сушеной березовой веткой

«Б» буукуба