ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быр

Нууччалыы довольно богато; достаточно зажиточно

быр курдук - 1) тиийинэрдик, балачча кыахтаахтык, астаахтык-үөллээхтик

Нууччалыы Довольно богато; достаточно зажиточно

  • Быр курдук, маанытык, дьиҥ куораттыы айгыстан ахан олорор ыал эбит.
    Н. Габышев
  • Балачча кырдьык быр курдук аһылык, - Ахмет сөбүлэһэр. “ХС”; 2) Балай эмэ, биллэрдик. Θ Достаточно много, довольно сильно. Балаҕаммыт иһэ кырдьык даҕаны быр курдук итийэ түстэ. Софр. Данилов. Ити түүн кыракый быр курдук итии үүтээннэригэр икки киһи уку-суку олорбуттара.
    А. Сыромятникова
  • Оһох оттуллуо, оччоҕо түүн быр курдук сылаас буолуо.
    ХС
Өссө холобурдар (5)
  • Быр бааччы - үчүгэйдик, балай эмэ үчүгэйдик. Θ Хорошо, довольно много, достаточно хорошо. [Чаанньык Ньукулай] “Тиэрбэс күрүөнү” дойду ылан, урукку дьиэтин оҥостон, быр бааччы олорон кырдьан өлбүтэ.
    М. Доҕордуурап
  • Харыларын күүһүнэн син быр бааччы ыал буолбуттара.
    В. Протодьяконов
  • Уораан алааһыгар бүгэн, туохха да уолуһуйбакка, быр бааччы олорбута.
    И. Федосеев
  • Быр бааччытык - балай эмэ үчүгэйдик. Θ Довольно хорошо, неплохо, сносно. Син быр бааччытык ыал буолан олорбуппут, ону кэрэх абааһыта буулуурун курдук, Баай Бакыыһа уоппутун умуруорда.
    Эрилик Эристиин
  • [Эрэ] мөлтөх булчут да, дьахтар үчүгэй буолан, син быр бааччытык олороллор
    Болот Боотур

«Б» буукуба