Перевод с якутского
быраат
аат тыл
Нууччалыы младший брат
English younger brother
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Бииргэ төрөөбүт эбэтэр чугас уруулуу эр дьонтон балыс саастаахтара
Нууччалыы Младший брат (родной, двоюродный и т. д.)
Учукаас оҕонньор төрөппүт уола Хабырыыс, ону кытта быраатын уола Иисээн буоланнар, бэрт булчут дьон. А. Софронов Бүгүн Ромаҥҥа улахан үөрүү: тастыҥ быраата Миимэй хоно кэллэ. Ф. Софронов Быраатым хаалларбыт кэриэһэ Сүрэхпэр иҥмитэ, Быһылаан охсуһуу уотугар Күүрдэр күүс буолбута. А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. ини
2 аат тыл #
Бииргэ төрөөбүт убай уола
Нууччалыы Племянник (сын старшего родного брата)
Былыр Доодороптор түөрт быраат кэм дьылынан арыттаан олбу-солбу кинээс, кулуба буолан испиттэрэ, эн бырааттарыҥ, убайыҥ Өргөстөй уолаттара, үһүөн биир кэмҥэ “систээтилэр”. Эрилик Эристиин Тэҥн. сиэн
3 аат тыл #
Саҥарааччыны кытта биир уопсай өйдөөх-санаалаах, балаһыанньалаах, усулуобуйалаах киһи (дьон)
Нууччалыы Товарищ, единомышленник, собрат
Ленин тыыннаах, Бары дойдулардааҕы Баттаммыт бырааттары Кини ыҥырар баррикадаҕа. А. Абаҕыыныскай Кыра дьадаҥы бырааттар, Кыттыһаахтаан тураммыт Кырааһынай былааска Күүстэ-көмөтө салҕыаҕыҥ! Саха фольк Хандалы тимир бытарыйыа, Хараҥа хаайыы да сиҥниэ, Күн көҥүлэ илэ кэлиэ Бырааккыт батас туттарыа. А. Пушкин (тылб.)
4 аат тыл #
истор. Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар Саха сиригэр өрөбөлүүссүйэни утары саалаах-сэптээх өрө тура сылдьыбыт дьон бэйэ-бэйэлэрин ааттаһар тыллара
Нууччалыы Так называли друг друга белобандиты (белогвардейцы) в Якутии в первые годы советской власти
Бу Олоохоп быраат былаас илиититтэн мүччү туттаран сырдык тыынын тэскилэтэ сылдьар. Болот Боотур [Спиридон:] Бу биһиги дойдуну ити бырааттарбыт диэн ааттанааччы бандьыыттар булбуттара ыраатта. С. Ефремов Хайа, үчүгэйдик өйдөөн иһит: “Сарсын түүн бырааттар кэлэн көрүлээн тахсыаххыт үһү”, - диэн этээр. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. бандьыыт
5 аат тыл #
Кимиэхэ эмэ доҕордуу, чугастыы сыһыаны көрдөрөргө этиллэр тыл
Нууччалыы Фамильярное или дружеское обращение к кому-л. [Кулуба:] Оо, Сэмэн Сэмэнэбис!
Дорообо, быраат! Н. Неустроев Биһиэхэ, революционердарга, дьахтар диэн, дьэ, быраат, чахчы норуот опиума буолар. М. Шолохов (тылб.)