ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

убай

аат тыл

Нууччалыы старший родной и старший двоюродный (или троюродный) брат

English elder brother

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Бииргэ төрөөбүт оҕолорго уонна биир эбэ-эһэ удьуордарын оҕолоругар аҕа саастаах уол

Нууччалыы Старший родной и старший двоюродный (или троюродный) брат

2 аат тыл #

Чугас аймаххыттан (ийэ аймаҕыттан ураты) бэйэҕиттэн аҕа саастаах, аҕаҕыттан балыс эр киһи

Нууччалыы Старший родственник по линии отца (моложе отца)

  • Убайа оҕонньор: "Хайа, доҕоор, тугу биллиҥ-көрдүҥ? Сэбиэккэ туох сонун баарый?" – диэтэ.
    П. Ойуунускай
  • Аҕыйах хонуктааҕыта бу улууска сэрииттэн кэлбит киһи – Кэнтэй диэн мин ырааҕынан убайым баар.
    Эрилик Эристиин
  • Аҕаларбыт, убайдарбыт ыраах фроҥҥа өстөөхтүүн кыргыһаллара. Ч. Айтманов (тылб.)

3 аат тыл #

Дьоһун билиилээх, итэҕэллээх, дурда-хахха буолар киһини ытыгылаан ааттааһын

Нууччалыы Заслуживающий почтения, уважаемый человек, а также обращение к нему

  • Эн миигин сибилигин өлөрбүтүҥ, таһыйбытыҥ да иннигэр убайым Ньургун Боотур обургу – ир суолбун ирдиэҕэ, тор суолбун тордуоҕа, мин кэппин бэйэҕэр кэтэрдиэҕэ. Ньургун Боотур. Олох туһугар турунан Охсуһууга сылдьаҥҥын Охтубакка кэлбиккин Уруйунан көрсөбүт, Ойуунускай убайбыт…
    Амма Аччыгыйа
  • Тойон убайыам, Лампа бухатыыр! Мин, Маһарах кэлэн, өлөр тыын көмүскэлиттэн аккын илдьэ бардым
    Эрилик Эристиин

4 аат тыл #

Саха нууччаны ааттыыр тыла (кыра омук улахан омукка аҕа табаарыһыгар сыһыаннаһарыныы)

Нууччалыы Так называют и обращаются якуты к русским, как к старшему брату

  • Өлөртөн өрүһүйбүт Нуучча убайыгар Үйэлэртэн үйэлэргэ Саха махтаныаҕа! Эллэй. "Тыый, доҕор, оттон биһиги нууччалары убайдар диир буолбаппыт дуо?" – киһим мин диэкки бэркиһээбиттии көрдө.
    И. Данилов
  • Убайдар тугу сатаабатахтара, кыайбатахтара баарай!
    В. Яковлев

5 этии #

Нууччалыы Обращение к старшим, выражающее особо почтительное отношение

  • Убайдаатар убайым үрд. – ураты күндү, чугастык саныыр, эрэнэр киһим диэн аҕа саастаах ытыгылыыр киһигэр туһаайан этии Убайдаатар убайым, Уордайбыккын уҕарыт! Аҕалаатар аҕам, Абарбыккын аралдьыт!
    П. Ойуунускай
  • Ол да иһин бүгүн убайдаатар убайым, атастаатар атаһым, олоххо, үлэҕэ үөрэппит Василий Афанасьевич Даниловка барҕа махтал истиҥ тылларын этэр иэстээхпин. "Кыым"

«У» буукуба