ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бытарый

туохтуур

Нууччалыы крошить

English to crumble

1 туохтуур #

Нууччалыы крошить

English to crumble

  • муус бытарыйар
    лёд крошитсяthe ice crumbles

2 туохтуур #

Алдьанан тус-туспа элбэх өлүүскэлэргэ араҕыс

Нууччалыы Дробиться; крошиться, рассыпаться; распадаться

  • Быһыта баран бытарыйан түстэ. Буор өрө бытарыйа түстэ. Кирпииччэ бытарыйбыт.
  • Араас өҥнөөх аракыаталар өрө көтөн тахсаннар өрөгөйдөөх кыһыл көмүс кыым буоланнар, бытарыйан Москва халлааныгар саҕыллаллар.
    Т. Сметанин
  • Сүөһү тэпсиититтэн ходуһа кырса бытарыйар, чиҥиир, түргэнник куурар-хатар, тууһурар. ПАЕ ОС. Хандалы тимир бытарыйыа, Хараҥа да хаайыы сиҥниэ, Күн көҥүлэ илэ кэлиэ, Бырааккыт батас туттарыа!
    А. Пушкин
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. үлтүрүй

3 туохтуур #

Улахан дуорааннаах тыастары таһаар, ньиргий, тибий, тиҥий

Нууччалыы Греметь, громко раздаваться (о конском топоте, выстреле и т. п.)

  • Түүлээх Уллуҥах кыыныттан быһаҕын ылла уонна оҕо диэки баран истэ. Бу бириэмэҕэ “Тохтоо!” диэн, эмискэ хаһыы бытарыйда.
    Суорун Омоллоон
  • Уонча ат туйахтарын тыаһа хаппыт сиргэ өрө бытарыйа, сиэллээх кутуруктара салгыҥҥа сыыйылла түстүлэр.
    Н. Заболоцкай
  • Халлаан саҥардыы суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, дневальнай үөгүтэ-хаһыыта бытарыйа түстэ
    И. Никифоров

«Б» буукуба