Перевод с якутского
быыстаа
туохтуур
Нууччалыы занавесить, отгородиться занавесью
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Быыһынан сап, быыһынан хаххалат
Нууччалыы Занавесить, отгородиться занавесью
Биллэрик орону сиидэс быыстаатылар
2 туохтуур #
Быыс (кыра эмэ иллэҥ кэми) бул
Нууччалыы Уделить (время, внимание)
Сарсын барыан иннинэ хайаан да быыстаан көрүс. Эн муҥутахсыйыма, көрүстэргин эрэ бэйэтэ кэпсэтиэҕэ Н. Якутскай
3 туохтуур #
ары эрэ араартыыр быыс, кыраныысса буол
Нууччалыы Служить границей, межой чего-л
Ходуһаҕа охсуллубут тараҕайдар улам кэҥээтэр кэҥээн иһэллэр. Күһүөрү быыстаан хаалларбыт оттор эрэ субуруһан хаалаллар, тыһыынчанан хойуу бугуллар бачыгырыыллар. Амма Аччыгыйа Икки Талбаны [сир аата] быыстаан турар арҕас хайа нөҥүө өттүгэр этэрээт дөбөҥнүк түстэ, уһун тиһилик хайалары эргийэ сүүрэн, кэрэ Талба өрүс барахсан иннилэригэр нэлэһийэ сытта Амма Аччыгыйа
4 туохтуур #
Ботуруоҥҥа быыһы ук, сим
Нууччалыы Забить патрон пыжом
Эмиэ лигийэн-лигийэн, биир хаһыатынан бүтүннүү быыстаан “тэргэнин” иитэн биэрэр И. Гоголев