ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быыччык

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы усердный, старательный до мелочей, но медлительный

1 даҕааһын #

Олус кыһаллар, бары бытархайдарыгар иҥэн-тоҥон тиийэр, онон, үксүгэр, бытаан

Нууччалыы Усердный, старательный до мелочей, но медлительный

  • Ханныгын да иһин, барыны иҥэн-тоҥон билэ-көрө сылдьар быыччык киһи быһыылаах
    Р. Баҕатаайыскай

2 даҕааһын #

Олус уустук, онон ииспэрэй бытаан үлэни эрэйэр

Нууччалыы Очень сложный, требующий кропотливой неспешной работы

  • Мин үлэм, туһугар, Бэрт быыччык, ыарахан.
    Баал Хабырыыс
  • Көтөр-сүүрэр суолун Кыраһа быыччык суругун Кыраҕыттан сонордуоҕуҥ, Эн сонургуу одуулуоҕуҥ.
    П. Дмитриев
  • Педагогическай үлэ быыччык үлэ буоларын өссө Николай Васильевич, Мария Николаевна, Мария Кононовна, Светлана Ивановна мунньунуулара көрдөрөллөр. Эдэр учууталлар кинилэртэн холобур ылабыт. “
    Кыым
Өссө холобурдар (1)
  • Дьүһүннээһиҥҥэ харах, тиис эрэ буолбакка “харах уута”, “харах харата”, “харах дьүккэтэ”, “тиис билэтэ (миилэтэ)” диэн быыччыктар эмиэ кытталлар
    КНЗ СПДьНь

3 аат тыл #

суолт. Туох эмэ бытархай ымпыга-чымпыга

Нууччалыы Деталь, подробность чего-л

«Б» буукуба