ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэдьэҥэлээ

туохтуур

Нууччалыы быстро шагать или бегать мелкими шажками

1 туохтуур #

Түргэнник, кыараҕас-кыараҕастык атыллаан хаамп, сүүр

Нууччалыы Быстро шагать или бегать мелкими шажками

  • Өйдөөн көрбүттэрэ, саҥа уол халтырыйымаары, түргэн-түргэнник бэдьэҥэлээн, томтору таҥнары сүүрэн түһэн эрэр эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • “Кимнээх ити бэлэстэтэллэрий, доҕор? Аны оҕолор мэниктээн, уоту-күөһү ыытан кэбиһиэхтэрэ”, - дириэктэр сүр түргэнник сарай диэки бэдьэҥэлээтэ. Софр. Данилов. Ньуукаан _ _ киһи саҕа тууччаҕы санныгар эндиэлии быраҕан, кыараҕас-кыараҕастык атыллаан бэдьэҥэлээн киирэн кэллэ
    В. Протодьяконов

2 туохтуур #

Биир сиргэ туран тэпсэҥнээ, эккирээ

Нууччалыы Топтаться, подпрыгивать на одном месте, слегка сгибая колени

  • Омуннаах муҥутаан Булочкин үҥкүүлээри кыдьыгыран, уллуҥахтара кычыгыламмыттыы биир сиргэ бэдьэҥэлээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини [Дьэкиим] бүтэйдии соһуйан “һуук” диэн баран, турбут сиригэр үрүт-үрдүгэр тэпсэҥэлээн өрө бэдьэҥэлээн ылбыта.
    Н. Заболоцкай
  • Ыаҕайа Ылдьаа чүмэчи уматан эрэ баран, киирбит киһини биллэ. Үөрүүтүттэн кыра оҕо курдук, бэдьэҥэлии түстэ.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
  • Мэйиитинэн мэлийбит Минньигэскэ мэҥийбит, Бэдьэҥэлиир үҥкүүһүтү [эһэни] Билээхтиибин киинэттэн.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тэҥн. бэдьэй

«Б» буукуба