Перевод с якутского
бэлэх
аат тыл
Нууччалыы подарок, дар
English gift
1 аат тыл #
Кимиэхэ эмэ тугу эмэ босхо (төлөбүрэ, манньата суох) биэрии
Нууччалыы Подарок, дар
Уол истибэт: “Чэ, арай, бу быһаххын бука бэлэх аҕал, оччоҕо этиэм суоҕа этэ, ынах наадата суох, тутабын!” - дии турар үһү. Саха фольк Онуоха эбии политсыылынайдар баралларыгар кинигэ бэлэх хаалларааччылар. И. Федосеев Михаил Иванович эрэстэрээҥҥэ киирэн, бастыҥ остуолу бэлэмнииллэригэр сакаастаата уонна универмагка бэлэх атыылаһа тэбиннэ.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
[Киирик:] Ол мин эрэйим диэн кыра суол. Мин Сэбиэскэй былааска улахан күндү бэлэҕи оҥоруом дии санаабытым С. Ефремов
2 аат тыл #
итэҕ. Былыр дойду, суол иччилэрин, абааһылар санааларын манньытаары улахан суон маска салама, сиэл ыйаан, ол анныгар тугу эмэ ууран биэрии
Нууччалыы Приношение дара духам перевала, местности с целью их задобрения (местом приношения обычно выбиралось крепкое, толстое дерево, растущее недалеко от дороги на перевале или у начала местности)
Тоҕус төгүл Тоҕуһунан толуйабын, Сэттэ көлө тардыытынан Араас өҥнөөх Толбонноох түүлээҕинэн толорторобун. Тоҕус суолум бэлэҕэр Тоҕус улаан убаһата туруоруҥ. С. Зверев Туобуйаттан чугас Суруктаах хайа баар. Урут онно хайаан да бэлэх биэрэллэрэ үһү Багдарыын Сүлбэ