Перевод с якутского
бэрдимсик
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы хвастливый, кичливый; высокомерный
1 даҕааһын #
Бэйэтин атыттартан үрдүктүк саныыр буолан киэбирэр, киһиргиир
Нууччалыы Хвастливый, кичливый; высокомерный
Моһоллоох ойуун Александр диэки хаһымардаахтык көрө-көрө [эттэ]: “Бэрдимсик бэдиги бохсуруйан биэрдэххэ сөп буолсу”. М. Доҕордуурап Бэргэнчэй уонна Сэргэхчэй уобарастарынан, кинилэр мөккүөрдэринэн бэйэмсэх, бэрдимсик быһыы куһаҕана, доҕордоох буоллахха, кыайтарбат да суол кыайтарара, сатаммат да сатанара сатабыллаахтык көрдөрүллэр. Софр. Данилов. [Кулаковскай] Кыыс кэрэ мөссүөнүн бэрдимсик да мэтириэтчит, улуу да олоҥхоһут, өссө ону ааһан үөрэхтээх да үтүөтэ хайдах да гынан ситэри, сиһилии биэриэ суоҕун ыйар ФЕВ УТУ
2 аат тыл #
суолт. Үрдүктүк туттар, улаатымсык, киэбирэр киһи
Нууччалыы Гордец, высокомерный человек
Уопсайынан куһаҕан киһи. Бэрдимсигэ, киэбиримсэҕэ диибин диэн! Урут ону барытын тулуйан, соччо кыһаныллыбатаҕа.
Н. ЛугиновБилигин ол бэрдимсиктэр Миэстэлэрэ ханнаный? - мэлийдилэр. Эллэй. Зевс баһылыктаах “олимпиецтар” дьону итиэннэ айылҕаны бүтүннүүтүн дьаһайаллара. Гректэр таҥаралары үтүөлэр курдук муус сүрэхтээхтэр, бэрдимсиктэр итиэннэ өһүөнньүктэр дии саныыллара КФП БАаДИ