ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чап

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы подражание звуку, напоминающему короткое резкое щёлканье

Ис хоһооно · 7
I

1 #

тыаһы үт. т. Кылгас хатан тыас

Нууччалыы Подражание звуку, напоминающему короткое резкое щёлканье

  • Чап-чап чапчыйан Чахчы кини сатыыр.
    Болот Боотур
  • Киэһээҥҥи нууралга чап-чап чаҥыйар өтүйэ-кыстык тыаһа -- Дьулустаан санаатыгар күндү, дууһатыгар чугас.
    Э. Соколов
  • Таммах, таммах, Модун күүстээх таммах, Аа-дьуо, биир-биир Чап-чап Таммалаан, Хайа саҕа мууһу Халааҥҥа кубулутар
    Кыым

2 этии #

Нууччалыы Быстро сказать, произнести что-л. (кстати, к месту)

Этиилэр

Чап гыннар

1) эмискэ түргэнник саҥара оҕус "Оттон ол иһин сыыстым ээ!" – Тэрэнтэй чап гыннарда. Софр. Данилов. Дьулус: "Ханна бааргыный?" – диэн чап гыннарда. "ХС"; 2) Күүтүллүбэтэҕи саҥара оҕус.

Выпалить что-л. неожиданно, неуместно, брякнуть, ляпнуть.

  • "Мин аҕабын көрдүҥ дуо?" – диэн ыйытан чап гыннарбыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла. ЖЕА Т
    С. Ср
  • ДТС чап-чап ‘резкие отрывистые звуки, щелчки; щелканье кнутом’, кирг. чап звукоподраж. ‘шлёп’
II

3 аат тыл #

Киһиргээһин, киһиргэнии, дэбдэҥ быһыы

Нууччалыы Хвастовство, бахвальство, гонор

  • Ити барыта сымыйалара, чаптара!
    А. Сыромятникова
  • Киһи кыһыйыах, тугун чабай, Куһаҕаны тоҕо билгэлиирий!
    М. Тимофеев

4 даҕааһын #

суолт. Киһиргэс, дэбдэҥ, чабыламтаҕай

Нууччалыы Хвастливый, нескромный

  • Бастаан кэллэхпинэ, мин хотугу үөрэхтээх дьон ортотугар Эллэйи, Чаҕылҕаны билэбин диэн улахан чап киһи диэн сураҕырбытым.
    Н. Габышев
  • [Түөтэкээн] Сур күүдээх, эйигин, Субу да бэрдимсик, чап тыллаах Мэҥиэмсэх бэйэҕин, Бэл диэтэр, мас сохсо хамсаппат?
    А. Абаҕыыныскай
  • Кураанах чап тыллааҕар топпут ис, киэһэ аһыырдаах быдан ордук
    ХС

5 этии #

Этиилэр

Чаба чабычах саҕа көр чабычах

  • Тутум саҕа бэйэтэ чаба чабычах саҕа. Ф Постников. Ср. ДТС чав, чаб, алт. чап ‘слава, известность, молва’, чув. чап ‘величие’
III

6 даҕааһын #

, эргэр. Ыраах баар, ыраах

Нууччалыы Дальний, далёкий

  • Чап дойду. ПЭК СЯЯ. Чап айан
    ЯРС
IV

7 #

ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, ча- диэн саҕаланар олохторго сыстар: чап-чараас, чап-чаҕылхай о. д. а

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательных, присоединяемая к основам, начинающимся на ча-: чап-чаҕылхай ʻочень яркий, яркий-преяркийʼ, чап-чараас ʻочень тонкий, тончайшийʼ и т. д

  • Муус чап-чараас, бырдырҕас, киһини уйбат эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Ол дьикти харамай айаҕын тыаһа чап-чаллырҕас, сытыы тииһинэн уҥуоҕу кирэн күчүгүрэтэр.
    И. Гоголев
  • Арыт чап-чалыгырас, солуута суох тыас иһиллэр
    Т. Сметанин

«Ч» буукуба