ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бүө

аат тыл

Нууччалыы плотина

English dam

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы плотина

English dam

  • үрэх бүөтэ төлө барда запруда
    плотина на реке прорваласьthe dam on the river burst

2 аат тыл #

Иһит айаҕын эбэтэр туох эмэ хайаҕаһын иһигэр анньан сабар оҥоһук эбэтэр көннөрү предмет (хол., эһэ арҕаҕын аанын хаххата)

Нууччалыы Пробка, затычка (в разных значениях)

  • Мас бүө. Пробка бүө. Муос бүө. Эрэһиинэ бүө.
  • Уйбаан сүүрбүтүгэр ботуоҥка иһигэр чэрэниилэ мас бүөтэ төлө ыстанан, биэдэмэһи бүтүннүү тунуйда.
    Суорун Омоллоон
  • Онуоха сааларын үрдүгэр түһэн, ытыалаһыыга бэлэмнээн оҥорбут чуолҕаннарын бүөлэрин төлүтэ тардан ылаттыыллар.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
  • Арыт син үтүө чааска Дьоро киэһэ үүнэр. Оччоҕо шампанскай Бүөтэ өрө тэбэрэ.
    М. Ефимов
  • Арҕаҕын - бүөтүн төлө анньан эһэ ньылбы ыстанан таҕыстаҕына, ытан хабылыннарарга бэлэмнэнэ туттубута
    Амма Аччыгыйа

3 аат тыл #

ан эмэ, үксүгэр куһаҕантан, өлүүттэн-сүтүүттэн, көмүскэнэр соччо эрэлэ суох хахха, барымньы

Нууччалыы Не очень надежная заслонка, затычка для защиты от чего-л. опасного (напр., от болезней и т. п.)

  • Саҥарыма, Үрдүктэр өлүүлэрэ, Өлүү суолун бүөлэрэ.
    С. Васильев
  • Харыстана сырыттахпына олоҕум ааһан хаалбыт... Ити эн уоскутар тылларыҥ даҕаны онно бүө буолбат.
    Н. Лугинов
  • Ср. тюрк. бөг, бөк, пөк ‘пробка, затычка’

4 этии #

Нууччалыы Бревно, которым заслоняют выход из берлоги (при охоте на спящего медведя)

  • Бүө мас - эһэни бултуурга арҕах аанын бүөлүүр мас Бурхалей быһан ылбыт бүө маһын сүгэн, саатын аҥар илиитигэр тутан арҕах диэки хааман истэ.
    Эрилик Эристиин
  • Өлөксөй бүө маһын анньыах курдук буолан истэҕинэ, туох да сүрдээх сүүнэ эһэ ойон тахсыбыт.
    М. Чооруоһап
  • Тэҥн. сылбырҕа мас

«Б» буукуба