ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быһыт

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы сильно прищуривать глаза

English barrier, in particular (geography, technology) dam, dike

Ис хоһооно · 7
I

1 туохтуур #

Хараххын соруйан кыараҕастык, симэн кэриэтэ, көр

Нууччалыы Сильно прищуривать глаза

  • Хабырыыс хараҕын быһа симнэ. Малаҕар сирэйдээх мас эмэгэт эмиэ көһүннэ. Ыйаастыгас харахтарын бүөлэниэр диэри быһытан, үөннээхтик мичээрдээтэ
    И. Гоголев
II

2 туохтуур #

Тугу эмэ быһыта тыыт, быһыта тарт, хаста да быс

Нууччалыы Рвать, разрывать

  • Бу сүөһү туох да быатыттан иҥнэрин ааста, бэл ити бэйэлээх быаны быһытта
    АаНА СТОТ
III

3 аат тыл #

Ууну халытан ходуһаны, бааһынаны нүөлсүтээри эбэтэр гидростанцияны тутаары үрэх, өрүс сүнньүн анал тутуунан бобуу

Нууччалыы Плотина. Быһыт олохтоох матырыйаалларынан, манна муҥура суох элбэх тааһынан уонна туой буорунан тутуллар. Суорун Омоллоон. Дьонтон ыйдаран Ытык Күөл уҥуоргу өттүгэр баар быһытынан туораан, хаптаһын сарайдаах саҥардыыта соҕус тутуллубут дьиэҕэ тиийбитим. Г. Угаров. Сир курааннаан үүнүүнү биэрбэт. Оттон ити сирдэргэ аһыллар-сабыллар ааннаах быһыттары оҥорон угуттатарга тоҕоостоох миэстэлэрдээх. “Кыым”

4 аат тыл #

Куобаҕы, куртуйаҕы бултуурга анаан тутуллубут, ааннарыгар сохсо, туһах иитиллибит намыһах сылбах күрүө

Нууччалыы Невысокая изгородь типа плетня с воротцами, в которых установлены западни, петли для ловли зайцев, тетеревов

  • Быйыл Намыын оҕонньор бултууруттан аккаастанан, туһаҕын, быһытын солбуйааччытыгар Чүөчээскигэ бэлэхтээбитэ.
    Суорун Омоллоон
  • [Мэник Мэнигийээн:] Оттон быһыппар иҥнибит куртуйахтар, мин тиийэрбин кытта, миигиттэн көрдөһөн_ _ көрө-истэ олороллорун аһынан ыыталаан кэбистим.
    Суорун Омоллоон
  • Икки-үс биэрэстэ сири тулутуо дуо, аҕатын суолунан олуктанан, быһыкка кэлэн кэтиллэ түстэ
    В. Тарабукин

5 аат тыл #

Үрэх сүнньүн сылбаҕынан быһыы (туунан балыктаары)

Нууччалыы Заездок, изгородь (плетень) через узкие речки, протоки, виски в целях ловли рыб

  • Быргый, ыкса киэһээҥҥэ диэри балык күрэтэн, ыаҕаһын толору бултаан баран, бүтэн, туубун манна быһыппар уган кээһэрим дуу, хайыырым дуу диэн саныы турда.
    Күндэ
  • Өстөөхтөр, быһыкка хаайтарбыт балык курдук, булумахтана түспүттэрэ.
    М. Доҕордуурап
  • Оҕонньор үрэҕэр киирэн, быһытын көрүнэн, сыалыһар бөҕөнү иһитигэр хааланар тыаһа иһиллэр. Саха ост. I

6 аат тыл #

Эрэйинэн туораныллар мэһэй

Нууччалыы С трудом преодолеваемая преграда

  • Санаата түспэтэх, өссө өрө күүрбүт, охсуһарга, дьыалата кырдьыктааҕын дакаастыырга бэлэм киһи олорор. Ол гынан баран, утарылаһааччылара мөрөйдөөтүннэр, араас хааччаҕы, быһыты оҥордуннар
    Г. Угаров

7 этии #

Буор быһыт - кыра үрэх сүнньүн буору кутан (бульдозерынан астаран) бүөлээн оҥоһуллубут быһыт

Нууччалыы Дамба. Хотоолу туора буор быһыт кута сылдьар этилэр. Н. Якутскай. Туойга талаҕы былаан оҥоруллубут даамбаларынан (буор быһыттарынан) египтяннар хочону тус-туспа учаастактарга араараллара. КФП БАаДИ. Көлүйэҕэ үксүн буор быһыты тутуллар. СОТ. Быһыт бүтэй - бүтүн нэһилиэк ходуһатын сайылыктан араарар бүтэй. Изгородь, отделяющая луга от пастбищ целого наслега. Тумус тыаны ортотунан быһа охсон ааспыт быһыт бүтэйгэ тиийэн баран, тэлиэгэттэн сулбу ыстанан түстүм. Эрилик Эристиин. Бэрт өрдөөҕүттэн бүтэйдэммит буоламмыт, бүтэйбит да арааһа элбэх буолара: боотулу бүтэй, хадай бүтэй, сылбах бүтэй, быһыт бүтэй эбэтэр сиэлии бүтэй. Багдарыын Сүлбэ

«Б» буукуба