ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дуксуй

туохтуур

Нууччалыы бить, ударять, стукать

1 туохтуур #

, кэпс. Тохтоло суох оҕус, охсо тур

Нууччалыы Бить, ударять, стукать (продолжительное время без остановки)

  • Оҕонньор сытыы чохороонунан эһэ баппаҕайа быгарын кытары дуксуйар.
    Далан
  • Оптуобуска алҕаска тоҥолох биир көхсү дуксуйар.
    С. Тарасов
  • Байбал оҕонньор балыкка кыырт курдук түспүт дьоннору хоппо күрдьэҕинэн аргыый аҕай дуксуйан испит
    А. Бэрияк

2 туохтуур #

Биир күдьүс түргэнинэн, тохтоло суох бар, айаннаа

Нууччалыы Идти, двигаться неуклонно, ровно, быстро вперед

  • "Чэ, мин бардым, быраһаайдарыҥ! " — диэт, Бүөтэкээс Соҕуруу диэки хааман дуксуйа турда.
    А. Неустроева
  • Айаан көҕөрө унаарар куорат диэки дуксуйа турда.
    Н. Габышев
  • Бадарааны, чалбаҕы тумнубакка, Нина уулуссанан хааман дуксуйар
    ХС

«Д» буукуба