Перевод с якутского
дук
Нууччалыы потянуться рукой (за чем-л.) и резко отдернуть ее назад
дук гын — 1) Эмискэ (тугу эмэ ылаары дуу, уураары дуу гыммыт курдук илиигин уунан иһэн тохтот) уунан иһэн тохтот
Нууччалыы Потянуться рукой (за чем-л.) и резко отдернуть ее назад
Томмот, дорооболоһоору дук гынан иһэн тохтоото. Софр. Данилов. 2) Кими-тугу эмэ илиигинэн эбэтэр тугунан эмэ таарый. Θ Прикоснуться к чему-л. рукой или дотронуться до кого-, чего-л. каким-л. предметом, ткнуть. Күтүр Эмээхсин Тыгыны отоохоон батыйатынан дук гынна. Саха сэһ. 1977. Оҕонньор эһэни сытыы чохороонунан дук гынар. Далан 3) көсп. Кимиэхэ эмэ тугу (туохтан) эмэ кыратык бэрис, бэрсэ түс. Θ Немного поделиться чем-л. с кем-л. Чыларовтар түҥ тайҕа тугу дук гынарынан үссэнэн олороллор. В. Протодьяконов Саллар-сааһым, үллэр-үйэм тухары бу Бааччах Үөһэ дэнэр эбэм дук гынан биэрбит көмүс хатырыктааҕынан аһаан-сиэн олоробун. С. Тумат
Өссө холобурдар (1)
Уолчааҥҥа, син биир эмэ киһи алтан харчыны биитэр килиэп тоорохойун дук гынар эбит ӨӨККҮ