ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сиэт

туохтуур

Нууччалыы вести за руку

Ис хоһооно · 6
I

1 туохтуур #

Кими-тугу эмэ илиититтэн (быатыттан о. д. а.) тутан бэйэҕин кытта тэҥҥэ эбэтэр батыһыннары хаамтар

Нууччалыы Вести за руку (за удила, поводок и т. д.)

  • Коля атын тэһииниттэн сиэтэн истэ.
    Л. Попов
  • Кыыс ыттарын сиэтэн киһи суолугар тиийэр.
    Н. Якутскай
  • Дьахталлар оҕолорун илиилэриттэн сиэтэн тэллэриппитинэн хаҥас диэки сырыстылар
    А. Фёдоров

2 этии #

Этиилэр

Чэй эрэ, норуоккун муннуттан сиэтээри

Сааланан-саадахтанан Сабардаан кэлбит Хаанымсах фашистары Хаба ортолорунан Хараҕалыы анньаҥҥын, Сытыы бииҥ устун Сылаас хааннарын Сыккырат эрэ, кылыһыам!

  • Холкуос уолаттарын муннуларыттан сиэтэр эмиэ улахан буоллаҕай! М. Доҕордуурап

3 этии #

Нууччалыы Управлять запряжённым быком во время пахоты, сенокоса. [Тиитэп:] Эн оҕус сиэтиэҥ, мин суха тутуом

  • Оҕуста сиэт - сир тиэриитигэр, от үлэтигэр көлүллүбүт оҕуһу салай, салайа сырыт
    А. Софронов
  • Ол -- быыкаайык сонуокка аҕам биһикки бурдук ыһар буоларбыт, мин оҕус сиэтэрим.
    Суорун Омоллоон
  • Быйыл сайын аҕабын кытта от мунньуһабын, от кэбиһэллэригэр оҕус сиэтэбин.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. йет ‘вести, тянуть (за руку, за поводок)’, осм. йэд ‘вести в поводу’
II

4 #

Кытардыллыбыт тимири, тимир оҥоһук чаастарын ыпсар өттүлэринэн уһааран, бэйэ-бэйэлэригэр холбуу сыһыар

Нууччалыы Соединить путём сварки, сварить. [Саха уустара] тимири тэһиппэккэ уһаараллара, иһэрдэллэрэ, сиэтэллэрэ

  • сиэ диэнтэн дьаһ. туһ. Эн астаан саламаат сиэппитиҥ Саас үйэ санааҕа сылдьара. Эллэй. Ананий! [Ынахпын] хайа түөкүн баайан бырдахха сиэттэҕэй?
    Н. Якутскай
  • Быйыл күһүн уонча куртуйаҕы сиэппитэ.
    Суорун Омоллоон
  • Тамыйахха сиэтиэҕи отто тиэй.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
  • Ийэбэр үтүлүкпүн сиэппиппин эппэтим. Н. Тарабукин (тылб.)
  • Тиһэх, бүтэһик турбалары эмиэ мин сиэтиэм. В. Ажаев (тылб.)

5 #

Бараа, сүтэр (бириэмэни)

Нууччалыы Тратить, терять (время). [Оҕонньор] холкуос кэнсэлээрийэтигэр олорон күнүн аҥаарын сиэттэ

  • Оҕолор элбэх бириэмэлэрин сиэттилэр. Хорсуттар с. Хайа илиҥҥи сирэйэ -- сүрдээх эмпэрэ туруору этэ. Инньэ гынан араастаан эрийэн-буруйан түспүппүт, элбэх бириэмэбитин сиэппиппит. В. Арсеньев (тылб.)

6 этии #

Нууччалыы Оставлять накопленное богатство кому-л. в наследство. [Уйбаан:] Уолбуттан киһи быһыылаах киһи тахсыбата, онон киһи, оҕо оҥостон баайбын сиэтиэм этэ диир

  • Баайда сиэт эргэр. - мунньуммут баайгын-дуолгун кимиэхэ эмэ анаа, хааллар
    А. Софронов
  • Иккис уолга, Дьаакып диэннэр, Эһэтин аатын биэрбиттэр. Онон кутун тутаннар, Оҕолоругар дьоно аах Оҕонньортон баай сиэтэргэ Оҥостуммут эбиттэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сыата сиэт кэпс. - кэргэн тахсан (ылан) уруугар ыалдьыттат, урууҥ аһыттан аһат. Θ Пригласить на свою свадьбу, угощать на своей свадьбе. Хор оҕом бэлиэр сыа сиэтэр дьахтар буоллаҕа, аны арыгы амсатыа.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Аһаттыбыт-сиэттибит диэн төлөбүр эрэйиэхпит суоҕа. Хайа, итиэннэ эргэ тахсан сыа сиэтиэххит буоллаҕа дии! "ХС"

«С» буукуба