Перевод с якутского
дуоска
аат тыл
Нууччалыы доска
English blackboard, chalkboard, whiteboard
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Миэлинэн суруйарга аналлаах хаптаҕай оҥоһук
Нууччалыы Доска (школьная)
Үнүрүүн биирдэ дуоскаҕа ыҥыран ыйыппыппар кыайан эппиэттээбэтэҕэ. С. Данилов Учуутал хара кырааскалаах дуоскаҕа туус маҥан миэлинэн суруйан барар. В. Протодьяконов Оҕолор биир-биир дуоскаҕа тахсан, нууччалыы суруллар оҕо аатын суруйаллар КИИ МКТТҮө
2 аат тыл #
хаптаһын диэн курдук. [Уоһук:] Мин бүгүн эһигини кытта сырсабын диэн хотуурбун дуоскаҕа тосту охсон кэбистим дии. Күндэ. Тыраап дуоскаларын төһө бөҕөлөрүй, миигин уйууһуктар дуу суох дуу диэн бэрэбиэркэлии-бэрэбиэркэлии Бэби оргууй аҕай богуонтан тахсыбыта. ДВЛ МК
3 аат тыл #
Туохха эмэ туттуллар анал оҥоһуулаах хаптаһын, фанера, билиитэ
Нууччалыы Пластина, плита, доска разного назначения
Саахымат дуоската. Мемориальнай дуоска. Бочуот дуоската. Чертежнай дуоска. Уһун остуол аттыгар үлэ кыраапыгын толоруутун көрдөрөр дуоска баар буолбут. В. Протодьяконов Кини үрдүк көрдөрүүтүн иһин -- хаста даҕаны бочуот дуоскатыгар тахсыбыта. М. Попов
Өссө холобурдар (1)
Импэрээтэр бэйэтин кытта куруутун саахымат дуоскатын илдьэ сылдьара ПВН СБК
4 аат тыл #
, саахымат. Саахымат, дуобат күрэхтэһиитигэр оонньуу биир түһүмэҕэ
Нууччалыы Одна партия (в шашках и шахматах)
Хамаанда састаабыгар нуучча дуобатыгар ССРС успуордун маастара Семен Николаев бастакы дуоскаҕа оонньоон бастаабыта Кыым