Перевод с якутского
дылы
кэнники тыл, туохтуур
Нууччалыы как
English like, as
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
дьөһ
Кыыска дылы симиттэр дуу? Тарбаабыт ынахха дылы (өс хоһ.). Кутуруга суох бөтүүккэ дылы буолан түһэҥҥин! Амма Аччыгыйа [Түмэппий:] Онтоон оҕонньор туохха эрэ дылы, эйигин босхо үлэлэтэр эбээт.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
Чэ, чэ, атаах дьахтарга дылы ол-бу буолума И. Гоголев
2 туохтуур #
Кэриэтэ, курдук, курдуктук
Нууччалыы Словно, наподобие, подобно
3 туохтуур #
Диэри (туох эмэ кээмэйин, икки ардын бэлиэтииргэ)
Нууччалыы До, по (при обозначении размера, расстояния, срока)
Киэһээҥҥэ дылы олор. Ойуурга дылы бар. [Чүөчээски:] Эппиэтин сарсыҥҥы күҥҥэ дылы күүтэбин.
Суорун ОмоллоонКини бэйэтин дьыалатын онуоха дылы оҥорон бүтэриэ. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
[Далбарай] Бачча сааскар дылы тугу да өйдөөбөккүн, билбэккин ээ И. Никифоров "Көхсүм арыый кэҥээбиккэ дылы буолбут дии", – оҕонньор уоһун иһигэр ботугураата. А. Софронов Тойон барытын сөпкө аахсыбыкка дылы. Амма Аччыгыйа [Баишев:] Бэйи, урутуурга дылы гыммыппын
Суорун Омоллоон
4 туохтуур #
Диэри; курдук (баһылатыылаах холбуу этии чаастарын ситимниир)
Нууччалыы До; как будто (употр. для сочет. частей сложноподчиненных предложений)
Кини кэлиэр дылы, манна олоруохпут. Мин эппиппэр дылы, миэхэ кыыһырар. Бурхалей сүрэҕин тыаһын бэйэтэ истиэр дылы, "тиҥ-тиҥ" гына тэбиэлиир Эрилик Эристиин
5 туохтуур #
эб. суолт. Этиллэр санаа тас көрүүгэ, санааҕа кырдьыктаах курдугун көрдөрөр (үксүгэр кэпсиирэ буолбут туохт. ф-ларын кытта тут-лар)
Нууччалыы Выражает кажущуюся достоверность высказываемой мысли (употр. с гл. ф., выступающими в роли сказуемого – будто, как будто, словно)
6 этии #
Этиилэр
Үрүҥү көрбөтөх үрүмэччигэ дылы көр үрүҥ
Ыт хаалтыстаммытыгар дылы көр ыт
Ср. п. -монг. адали ‘похоже’