Перевод с якутского
дьалкылдьыччы
сыһыат
Нууччалыы чересчур полно, наполнив сверх меры
1 #
сыһ
Чороон айахха Бадьара дьоруо сылгы Батыччахтыыр арыылаах Саамы кымыһы Дьалкылдьыччы куттулар П. Ядрихинскай
2 #
Олус толорутук, таһымныыр гына (иһиккэ кутуллар убаҕас туһунан)
Нууччалыы Чересчур полно, наполнив сверх меры (о жидкости в сосуде)
3 #
Икки өттүгүнэн иэҕэҥнээн, халылдьыйан хамнана (хаамп)
Нууччалыы Покачиваясь из стороны в сторону, колыхаясь (идти, ходить)
Биир сиргэ чопчу тохтообокко, тула өттүгүн сүүрэлэҥнэтэн (көр). Не задерживая взгляд на чем-л., бегло, бросая взгляд по сторонам (смотреть). Орто дойдуну дьалкылдьыччы көрөн олорон, Былыр былыргаттан өлбүттэри, тыыннаахтары Ол күнтэн бу күҥҥэ дылы Дьаралыктаан тарҕата олорор үһү. Саха нор. ыр. Аҕыйах саҥалаах Сэмэн Тугуутап сүһүөхтээх улахан муруннаах уһун сирэйин ньолоччу туттан, сырдык харахтарынан дьалкылдьыччы көрөн, Борокуопай Тиитэби кытта тыаҕа тахсыста. Амма Аччыгыйа Данилов киҥэ-наара холлубут быһыылаах -- хара харахтарын килбэҥнэтэн дьалкылдьыччы көрбөхтүүр. Л. Толстой (тылб.) Хайдах эрэ кэхтэрбэхтээн, быһыттаҕастык саҥарталыыр, дьалкылдьыччы хамнаталаан ылыталыыр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
Сыыһа-буора өрүкүйбүт уулуссанан дьалкылдьыччы хаамта. Е. Неймохов Киэҥ-киэҥник атыллаталаан, дьалкылдьыччы хамнанан, булгуччу кыыһырбыттык туттан таҕыста ХС