ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьырылас

даҕааһын

Нууччалыы нежный, звонкий, переливчатый, дрожащий

II

1 даҕааһын #

даҕ

  • дьырылаа I, II диэнтэн холб. туһ. Ырыа чыычаахтар самыыр үгэнигэр им-ньим барбыт бэйэлэрэ, "хата дөбөҥнүк ааста" диэххэ айылаах тиэтэйэ-саарыйа ыллаан дьырылаһаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Суол кытыытынааҕы ойуурдар истэригэр чыычаахтар чыыбырҕаһаллар, сорохторо ордук тылга-өскө тииспиттии, ыллаан дьырылаһаллар.
    Эрилик Эристиин
  • Этин сааһын устун ынырык ыарыы сүүрээннэрэ дьырылаһан тиийэн атаҕын тарбахтарын быһыта-быһыта эмпэхтииллэр.
    П. Чуукаар
Өссө холобурдар (3)
  • Элиэлэр сэтэрээбит курдук омуннаахтык кистэһэн дьырыластылар. В. Короленко (тылб.)
  • Билигин даҕаны күн кылбайа тахсыыта бу алааска хомус сүр кэрэ дьырылас тыаһын истэллэр. Ол хомус тыаһа үчүгэйгэ иһиллэр дииллэр.
    И. Гоголев
  • Толоон ньуурун күндү көбүөрүнэн тилэри тардыммыт. Ол дьэрэкээн ойуулаах көбүөр үрдүнэн күөрэгэй дьырылас куолаһа тохтоло суох кутуллар
    Р. Кулаковскай

2 даҕааһын #

Биир тэҥ нарын, илигирэс (үксүн чыычаах ырыатын, хомус тыаһын туһунан)

Нууччалыы Нежный, звонкий, переливчатый, дрожащий (обычно о пении жаворонка или о звуках хомуса)

3 даҕааһын #

Үчүгэй, сытыы, күүстээх (сыт туһунан)

Нууччалыы Приятный, острый, резкий, сильный (о запахе)

  • Бүөтүр -- көтөҕөн ылла, ахтыбыт доҕорун, уураата сып-сылаас, сымнаҕас уоһуттан, сыллаата сүүһүн үрдүнэн түүтэхтэммит дьырылас сыттаах баттаҕын.
    Н. Габышев
  • Мас-от тиллэн, симэһинэ ситэн, үнүгэһэ үүнэн, хатырыга хаҥаан сылаас сымала дьырылас сытынан сыһыыны-хонууну бүтүннүү тунуйбут
    ХС

«ДЬ» буукуба