ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дэпсэ

аат тыл

Нууччалыы подстилка, служащая для сидения

1 аат тыл #

Олбох, тэлгэх буолар туох эмэ (хол., талах, от, муох)

Нууччалыы Подстилка, служащая для сидения (из ветвей, сена, мха)

  • Бэртээхэй отуу таҕыста. Талах дэпсэ кинилэргэ сымнаҕас бэриинэни солбуйда.
    И. Гоголев
  • Сонос тииккэ көхсүнэн өйөнөн, хойуу отон уга уорҕалаах күөгэҥнэс муох дэпсэҕэ олоро түһэр. Хомуһун хостуур.
    М. Ефимов
  • Ньырбачаан ытаан сыҥыргыы түһэн баран, от дэпсэтигэр умса түстэ, намчы санна дьигиҥнии сытта
    Далан

2 аат тыл #

Ыҥыыр үрдүнэн ууруллар сукуна эбэтэр тирии бүрүө

Нууччалыы Покрывало на седло (из сукна или меха)

  • "Дьэ оччоҕо омурҕаҥҥа үүттэ тутан олор. Эллэй киириитигэр", – диэн эмээхсин харалаах таас тэллэҕи, тиэрэ дэпсэни тэлгээн баран, оҕонньору онно олордор.
    Саха фольк
  • Оҕуруо дьаҕыл тэһииниттэн Олуйа тутан баран, Оһуордаахый дэпсэҕэ Олорболоон иһээхтиир Уоллууруктуур оҕобун Одуулардыы түстүм
    С. Зверев

3 этии #

Диэрэ дэпсэ фольк. – ытыктыыр киһилэрин олордор олбох Күтүөттэрин тэһиин тутаннар, дьиэл аһаннар диэрэ дэпсэ үрдүгэр олоттулар. ПЭК ОНЛЯ I. Бастыҥ олох үрүҥ эһэ тириитэ, ортоку олох хара эһэ тириитэ, атах олох сур бөрө тириитэ сабыылаахтар. Кинилэр анныларыгар баттахтаах маҥан сылгы тириитэ диэрэ дэпсэлэр. Суорун Омоллоон. Тэҥн. албара, кычым

Нууччалыы Подстилка под сиденье почетных уважаемых людей

«Д» буукуба