ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

им-дьим

сыһыат, аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы тихо и мирно

English quietly and peacefully

Ис хоһооно · 8

1 сыһыат #

Нууччалыы тихо и мирно

English quietly and peacefully

  • им-дьим олороллор
    они живут тихо и мирноthey live quietly and peacefully

2 аат тыл #

Иһиллээбит курдук чуумпу

Нууччалыы Тишина, полное отсутствие шума, безмолвие

  • Дьиэ иһигэр им-дьим.
    Н. Неустроев
  • Билигин чуумпуран олоро түһүөҕүҥ, Им-дьимҥэ хас биирдиибит саамай чулуу, Саамай истиҥ баҕа санаатын иһигэр санаатын.
    И. Гоголев
  • Им-дьим... Иһиллэр Бэл кумаар саҥата
    В. Миронов
Өссө холобурдар (3)
  • Валерий Иванович Катята сытар томторугар кэлэн, им-дьим табахтыы олорор буоларын Үүйэ үгүстүк көрөрө.
    Л. Попов
  • Дьиэлээхтэр бары даҕаны, туох эрэ кутурҕан буолтун курдук, им-дьим олордулар.
    Болот Боотур
  • Мотуок солко мутукчаларын хаһыҥҥа хаарыттаран хагдарыйан эрэр хараҥа ойуур, кинилэри хаххалаабыттыы, им-дьим иилээн турар
    М. Доҕордуурап

3 даҕааһын #

суолт. Тыаһа, күүгээнэ, айдаана суох

Нууччалыы Тихий, бесшумный

  • Им-дьим чуумпу дьиэ иһигэр Иккиэйэҕин эрэ хаалан, Эйэҕэстик, истиҥник Иҥэн-тоҥон кэпсэппитэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Түүҥҥү итии салгыҥҥа оҥоойу үөрэн-көтөн ыллыырын им-дьим ичигэс түүн иһиллээн турбута
    Күндэ
  • Арамаан Дьөгүөрэп им-дьим эргинэ олорор.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Икки-үс тайах этин Им-дьим тиэйиэх этим...
    Ф. Софронов
  • Дулҕалаах кулаактара ханна да биллибэккэ-көстүбэккэ, им-дьим бүгэн, олорбуттарын курдук олорон хаалбыттара
    А. Бэрияк

5 аат тыл #

Саҥата суохтук, таалан; тыаһа-ууһа суохтук

Нууччалыы Тихо, безмолвно; бесшумно

6 аат тыл #

Айдаана-түрүлүөнэ суохтук, биллибэккэ-көстүбэккэ

Нууччалыы Без шума; бесшумно тихо, незаметно

7 аат тыл #

Эйэ дэмнээхтик

Нууччалыы Тихо-мирно

8 этии #

Нууччалыы Внезапно прекратить разговоры, замолчать

Этиилэр

Им-дьим бар

1). саҥара, айдаара, күүгүнүү туран эмискэ тохтоон хаал Дьон им-дьим баартара, тыыммат буолбукка дылы буолбуттара. Суорун Омоллоон. Бэл, убайын "табаарыс Кириилин" диэтэ, официальнай быһыылаахтык. Бары сэҥээрэ түстүлэр. Им-дьим бардылар. Л. Попов. Дьоннор элэҥ-сэлэҥ күлсэн иһэннэр, им-дьим бардылар. М. Доҕордуурап. 2). сыыйа уостан, иһийэн сүтэн бар.

Постепенно затихать, утихнуть, перестать шуметь, говорить.

  • Бастаан утаа Арчахтар ааһыммыттар үһү диэн, мировой суут уурааҕын көтүрэргэ күбүөрүнэ суутугар көрдөһүү түһэрбиттэрин туһунан сурах кэлэ сылдьыбыта, кэнники ол им-дьим барбыта.
    Болот Боотур
  • Монг. им-чим

«И» буукуба