ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

истигэн

даҕааһын

Нууччалыы послушный

English obedient

1 даҕааһын #

даҕ

  • Кулгаахтара истигэн дииллэрэ кырдьык эбит буоллаҕа дии?
    П. Ойуунускай
  • Эдэргэр эн үтүө баҕалааҕыҥ, Кэрэни кэрэхсиир тыллааҕыҥ, Көрүгэс кыраҕы харахтааҕыҥ, Истигэн чуор кулгаахтааҕыҥ.
    Л. Попов
  • Дьахтар истигэн кулгааҕа Билбит эрин кистэлэҥин
    Баал Хабырыыс

2 даҕааһын #

Кулгааҕынан үчүгэйдик истэр, чуор

Нууччалыы Чуткий на слух

3 даҕааһын #

Толоругас, киһи эппитин, дьаһайбытын улгумнук толорор; утарыласпат, киһи эппитин хоту сылдьар

Нууччалыы Послушный; покорный

  • Уолаттарым барахсаттар өйдөөхтөр, барыны бары билэллэр, туох да иҥэ-дьаҥа суохтар, киһи тылын истигэннэр.
    Эрилик Эристиин
  • Кыралаан элэктии да соҕус туттара уурайа охсон, саамай истигэн оҕо буола түстэ, саҕынньаҕын устубутунан барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин эһигини улгум, истигэн гынаттыам! – Джексон массыынатыгар сүүрэн көөһөйдө.
    А. Федоров
Өссө холобурдар (1)
  • Хата, Катя үөрэҕэр дьоҕурдаах уонна оҕо эрдэҕиттэн истигэн, көрсүө буолан, кыраттан да долгуйумтуо төрөппүттэрин үгүс эрэйтэн быыһаабыта
    Н. Лугинов

«И» буукуба