ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

итинтикэ

ахсаан

Нууччалыы указывает на кого-что-л

1 ахсаан #

ый. солб. аат

  • Эчи, кыһыыта да бэрт... Билиҥҥиттэн, сиртэн көстө илигиттэн... эгэ итинтикэҥ улааттын, уҥуоҕа кытааттын.
    Суорун Омоллоон
  • [Ааныка:] Ыл, итинтикэҕиҥ [таҥаскын] уктан кэбис. Бэйэҥ тигин.
    С. Ефремов
  • Ити билигин биригээдэҕэр эн оҕуруот аһын үүннэриитигэр турунан эрэҕин да, соҕотох эһиилгиттэн ыла итинтикэн барыта таах хааларыгар тиийэр ээ
    В. Яковлев

2 ахсаан #

Соччо ырааҕа суох тугу эмэ ыйан көрдөрөр (мантыка диэннээҕэр ырааҕы, онтука диэннээҕэр чугаһы)

Нууччалыы Указывает на кого-что-л., находящееся недалеко от кого-чего-л. (отдаленное по сравнению с мантыка, но ближайшее по сравнению с онтука)

3 ахсаан #

Ити баҕас, ити эмиэ (улаатымсыйан, киэбирэн, бэйэҕэ тэҥнээбэккэ)

Нууччалыы Этакий; экий (с пренебрежением, насмешливо о важничающем)

  • Итинтикэбит хаппырыыс ээ.
  • Итинтикэбит эҥин-эҥин буола сатаан эрэр. ПЭК СЯЯ. Итинтикэҥ хас да лааскайы өлөрбүттээх
    М. Доҕордуурап

«И» буукуба