ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мантыка

аат тыл

Нууччалыы указывает на кого-что-л

1 аат тыл #

ый. солб. аат

  • Мантыкаҥ сүүнэ ходуһа, саас өрүс угуттуур хочото эбээт.
    С. Никифоров
  • [Даарыйа эмээхсин (сыттыгын анныттан мөһөөччүктээх саһыл тилэҕин ылан биэрэр):] Бу мантыкабын кытаатан аттара охсон аҕалаарый.
    Күндэ
  • [Дарайаарап:] Бу алтан колчедан. Боростуойун көрүмэ -- мантыкаҥ кыһыл көмүс аргыһа
    Суорун Омоллоон

2 аат тыл #

Этэр киһи аттыгар, чугаһыгар баар тугу эмэ ыйан көрдөрөр (итинтикэтэ, эбэтэр онтуката диэннээҕэр чугаһы)

Нууччалыы Указывает на кого-что-л., находящееся вблизи (ближайшее, ближе по сравнению с итинтикэ, онтука)

3 аат тыл #

сөбүлээб., сэнээн. Бу баҕас, бу эмиэ (сөбүлээбэккэ, сэнээн этэргэ)

Нууччалыы Этот (с оттенком пренебрежения, насмешки)

  • Мантыкабыт хаппырыыс ээ.
  • Мантыкаҥ сүрдээх мэник уол.
    Амма Аччыгыйа
  • - һай, һай! Көр, мантыкаҥ аны сиргэнэр дуу, тугуй?
    ХС

«М» буукуба