ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэдээннээх

даҕааһын

Нууччалыы страшный, ужасный, жуткий, чудовищный

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Иэдээннээх дьыл обургу Икки атахтааҕы Им балайга иһитэн кэбиспитэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Бочуона саҥас харбыт курдук буолла. Кыыһа иэдээннээх тылы эттэ. Саха киһитэ тыыннааҕын, бу орто дойдуга баарын тухары эппэт муҥ тыла.
    А. Сыромятникова
  • Хаайыыга доҕорум уол оҕоломмут. Дьэ, онно фашистар иэдээннээх быһыыны оҥорбуттар. Мин ону санаатахпына, ааспыт сүүрбэ биэс сыл устатын тухары сүрэҕим умайар
    ХС

2 даҕааһын #

Алдьархайдаах, сүрдээх куһаҕан, ынырык

Нууччалыы Страшный, ужасный, жуткий, чудовищный

3 даҕааһын #

Олус улахан, наһаа сүрдээх (хол., сут, эрэй уо. д. а.)

Нууччалыы Ужасный, жестокий, адский (напр., голод)

  • Аан дайдыга анаарбатах Ахсым алдьархай таҕыста -- Икки атахтаах истибэтэх Иэдээннээх сут эргийдэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Ол курдук баран иһэн көрдөҕүнэ, биир сиргэ иэдээннээх эккирэтии буолбут эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • [Ыттар] аттаах туора дьону оччо көрбөтөх баҕадьылар иэдээннээх моргуору тартылар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Охсуһуу омуннааҕа, эттэһии иэдээннээҕэ манна турбут
    В. Ойуурускай

4 даҕааһын #

Сордоох, табыллыбатах оҥоруулаах

Нууччалыы Несчастный, злополучный, бедовый

  • Убаай, бу хайдах буолаҕын? Оо, иэдээннээх сүөһүнү илдьэ сылдьаҕын, доҕор.
    А. Сыромятникова
  • Иккиэйэх сэппэрээтэри Эн миэхэ биэрдэххинэ, Эппиэккэ тардыллар Иэдээннээх дьыала.
    П. Тобуруокап
  • Бааһынаҕа, оҕуруокка үүннэҕинэ, быалык от өлөн биэрбэтинэн иэдээннээх абааһы ээ
    П. Егоров

«И» буукуба