ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэҕэй

туохтуур

Нууччалыы гнуть; наклонять

English to bend, to tilt

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Нууччалыы гнуть; наклонять

English to bend, to tilt

  • остуолба иэҕэйбит
    столб накренилсяthe pillar leaned

2 туохтуур #

Иҥнэри бар

Нууччалыы Накреняться, давать крен в сторону

  • Иэҕэйэри билбэт сандалы остуолуҥ уйарынан ас талбытын тардыбыккын астына [аһаатыбыт]. Эвен фольк. Оҕонньор биир күрүөлээх, сири кытары тэҥнэһэн эрэр киһи уҥуоҕар тиийэн, иэҕэйбит кириэскэ тураах саахтаабытын сиэҕинэн сото-сото, тугу эрэ ботугуруу турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Иэҕэйбит эркиннээх өтөххө, Сиик, таммах тэллэйдээх Кур эмэх өһүөҕэ Үрүҥ үөн ыһара, Хончоҥнуу сыыллара.
    С. Васильев
  • Хамначчыт уолаттар от тиэйэн, Күөх оту сыннаран кэлэллэр. Сыарҕалаах отторо иэҕэйэн, Бу дьиэҕэ, "буруйдаах" киирэллэр
    Эрилик Эристиин

3 туохтуур #

Токуруй, куоҕай

Нууччалыы Принимать дугообразную, изогнутую форму; гнуться, сгибаться

  • Тибии типпитигэр, Тыал тыалырбытыгар, Тымныы чысхаан ыкпытыгар Түөрт үтүө мастарым Үмүрүһэ түстүлэр, Хоту-соҕуруу нусхайдылар, Илин-арҕаа иэҕэйдилэр.
    С. Зверев
  • Ийэм кырыйда. Сааһа да быданнаата. Иэҕэйэ, таҥхайа хааман бакаалаата. Улуро Адо (тылб.)

4 этии #

Нууччалыы Эпитет о человеке (человечестве), часто употребляемый в устном народном творчестве (букв. стоящий на двух гнущихся ногах)

  • Иэҕэйэр икки атахтаах фольк. - киһини, киһи аймаҕы ойуулаан көрдөрөр кубулуйбат эпиитэт Инчэҕэй эттэээххэ Иэйэр имэҥи иҥэрбит, Иэҕэйэр икки атахтаахха Эҕэрдэлээх санааны биэрбит – Ийэлээтэр ийэбит, аҕалаатар аҕабыт Аан дархан айылҕабыт барахсан!
    С. Данилов
  • Алмаас! Былыр иэҕэйэр икки атахтааҕы элбэх эрэйгэ умса тэппит күндү таас. ДФС КК. Хонуулар, толооннор элэҥнэһэн ааһаллар. Ол тухары иэҕэйэр икки атахтаах көстүбэт. "ХС"

«И» буукуба