Перевод с якутского
иэх
туохтуур
Нууччалыы гнуть
English to bend
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы гнуть
English to bend
сыарҕа сынааҕын иэх согни полозья санейbend the runners of the sleigh
2 #
Туох эмэ синньигэс соҕуһу аҥаар эбэтэр икки уһугуттан токурут, өҕүлүннэр
Нууччалыы Гнуть, сгибать что-л. с одной или обеих сторон
Сыарҕа сыҥааҕын иэх. Чэпчэки, бэйэм иэхпит тууппунан мастар быыстарынан элэҥ-элэҥ тэбэн истим. Т. Сметанин Бэйи, кутуйаҕы даҕаны сатаатаххына өлөрөҕүн. Талах быһыахха, иэҕэн чааркаан оҥостуохха, ону сатаан иитиэххэ наада. А. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Уолаттар киэһэ дьиэлэрин иһигэр мас хайыһар оҥостунан, иэҕэн тириппиттэрэ-хоруппуттара ХС
3 #
этиигин, санааҕын атын өттүнэн туһаай, атыҥҥа салай, илт
Нууччалыы Направлять разговор, мысли в другое русло
"Сайыммыт барахсан муҥутаан да турар," – Маарыйа кэпсэтиини атыҥҥа иэҕэргэ сананна. ХС Аатырбыт ыанньыксыт үлэтин-хамнаһын научнай төрүккэ олоҕуран ыытарын урут да истэрим, онон кэпсэтиибин ол диэки иэҕэбин ЭК Ким эрэ диэки буол; сөбүлүү, тартара санаа. Θ Быть расположенным, сочувствовать, симпатизировать кому-л, склоняться на чью-л. сторону; отвлекаться. Мин диэки иэҕэ саныыгын дуо? ПЭК СЯЯ. Ааптар истэрэ-тастара биллибэт, иккиттэн биири эппэт иэрэҥнэргэ-саараҥнарга иэҕэр ХС
4 #
Ырааҕынан эргийэн, таайтаран кэпсээ, саҥар
Нууччалыы Говорить обиняком
Өрүүскэ дьигис гына түстэ. Дьиибэ дьон. Кини көнөтүк кэпсэтээри гынар да, кинилэр [уолаттар] ханан эмэ иэҕэн, букатын санаабатаҕар тиэрдэн кэбиһэллэр. А. Сыромятникова Майгы-сигили араас боппуруостарын кэпсээн, онон-манан иэҕэн бараммын, тапталга кэллим. Истээччилэрим дьэ сэргэхсийдилэр. И. Федосеев Убай оҕонньор, тугу эрэ этээри олус иэхтиҥ. Быһа этэ кэбис! А. Сыромятникова
5 #
Араастаан имит, эрий, мускуй (тыл туһунан)
Нууччалыы Употреблять, пользоваться, манипулировать умело, мастерски проворно (словом). [Поэт] эҥин эгэлгэ санаа оонньуутун, сүрэх иэйиитин этитээри, дьүһүн-бодо, өҥ-тала көстүүтүн ойуулаары тылы имигэстик иэҕэрэ
М. Тимофеев М. Тимофеев